Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Саха АССР 100 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин сылынан, Томпо оройуонугар дьиэ кэргэн сылынан, Үөгэн библиотеката араас тэрээһиннэри ыытта.
Ол курдук “Сандалыма” уһуйаан иитиллээччилэригэр анаан “Олоҥхо дойдута” диэн ааттаах олоҥхону кытта билсиһии буолан ааста. Кырачааннар бу күн сахалыы таҥас кэтэн олоҥхо хантан төрүттээҕин, олоҥхо үс дойдутугар кимнээх олороллорун билистилэр, олоҥхо туһунан мультигы көрдүлэр, саха төрүт оонньуутун хабылыгы, тырыыҥканы оонньоотулар, оҕолорго аналлаах олоҥхо кинигэлэрин сэҥээрэн көрдүлэр.
Сэтинньи 24 күнүгэр оскуолаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттан улахан кылаас оҕолоро уонна төрөппүттэр олоҥхо дьыктаанын суруйдулар. Дьыктаан П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыытын оскуола директора, саха тылын уонна литературатын учуутала Михаил Федорович аахта.
Куйаар ситимин нөҥүө “Олоҥхо дойдутунан айан” диэн ааттаах Өркөн өй оонньуу ыытылынна. Бу оонньууга “Ийэ мэтээлэ” 2-с, 1-кы, ” Ийэ Албан аата” 3-с степеннэрин хаһаайката Гоголева Агафия Захаровна сиэнинээн Степанов Айааллыын уонна алта кыталык кыргыттардаах Үөгэн эдэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ Мария Валентин Габышевтар оонньоотулар. Эрийсиилээх киирсиини ааһан икки хамаанда кыайыыны ситистилэр.
Маны таһынан библиотекаҕа “Олоҥхо-норуот баайа” викториналаах кинигэ быыстапката турда.