Бүгүн сэтинньи 24 күнүгэр Үөгэн библиотекатыгар Николаева (Павлова) Альбина Алексеевна бастакы оҕолорго аналлаах “Кыракый кэрчик хоһооннор” кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Биһирэм саҕаланыыта библиотекарь Татьяна Николаевна Альбина Алексеевна туһунан сырдатта. ,,Сандалыма” уһуйаан оҕолоро Альбина Алексеевна хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Бу хоһооннорунан кинилэр Арассыыйаҕа “Педагог уонна уһуйааччы” сылын чэрчитинэн Альбина Алексеевна хоһооннорун ааҕыыга Кириэс-Халдьаайы уһуйааннарын икки ардыгар куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт күрэҕэр кыттан иккиэн бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр бастакы үрдэли ылан бүгүн Альбина Алексеевна илиититтэн Добун суруктарын туттулар.
Альбина Алексеевна ийэтигэр анаабыт хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ балта Кобельянова Екатерина Васильевна.
Иллэҥ кэмигэр өссө Альбина Алексеевна аныгылыы араас киэргэллэри оҕуруонан тиһэн оҥорорун сөбүлүүр эбит. Бэйэтэ тиспит араас киэргэллэрэ быыстапкатын дьон сэҥээрэн көрдө.
Түмүккэ Үөгэн олохтоохторун ааттарыттан уонна “Сандалыма” уһуйаан коллективын аатыттан махтал суруктары, сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт. Олохтоохтор Альбина Алексеевнаҕа өссө да тохтообокко айа-тута сылдьарыгар , кинигэ таһаарарыгар баҕа санааларын эттилэр, кинигэтин кэлэн сырдатан барбытыгар махтаннылар.