Саха народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап 105 сааһыгар аналлаах “Күндүттэн күндүнү олоҕу туойбутум” ырыа-тойук аргыстаах, хомоҕой хоһоон тыллаах дьоро киэһэ буолан ааста. Петр Николаевич хомоҕой хоһоонноро ааҕылыннылар, ылбаҕай ырыалара ылланнылар. Петр Тобуруокап айар үлэтин, олорбут олоҕун Елена Винокурова, Лидия Борисова, Римма Захарова бэркэ сырдаттылар. Бу киэһэни Хайа геологическай техникумун бастакы курсун студеннара “Оо, мөлүйүөн, миллион” сатирическай интермедиятын оонньоон, “Таас буолан тиллибиттэр” хоһоону ааҕан киэргэттилэр. Клавдия Мексярова аахпыт “Хомус тыаһа” хоһоонун Лидия Борисова хомуска оонньоон, доҕуһуоллаан тупсаран биэрдэ. Ону тэҥэ Лидия Михайловна оонньообут “Кырдал кыыһа” хомус тыаһа – ырыа буолан дьүрүһүйдэ. П. Н. Тобуруокап “тапталы төкүнүтэ сылдьан туойбутун” Римма Захарова таптал туһунан хоһооннорун ааҕан итэҕэттэ. Тобуруокап “Мутукча сыта” ырыатын Светлана Колодезникова дьон сөҕүүтүн – махтайыытын ылбыт, флейта муусука инструменын тыаһа дууһабытыгар иҥэн хаалла. Зоя Яковлева толорбут “Күөрэгэйдиин көрсүһүү” ырыата музыкальнай-поэтическай ырыа киэһэтин тиэмэтин толору ситэрэн биэрдэ:
Өйдүүгүөн, мин эмиэ
Ыллаһыах буолбутум,
Күндүттэн күндүнү –
Олоҕу туойбутум.
Бары кыттыыны ылбыт ааҕааччыларбытыгар кыттыыгыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Куруук маннык көхтөөх буолуҥ!
“Күндүттэн күндүнү олоҕу туойбутум”
Комментарии к записи “Күндүттэн күндүнү олоҕу туойбутум” отключены