1 346 просмотров

Ийэлэр күннэринэн! 🌹

      Комментарии к записи Ийэлэр күннэринэн! 🌹 отключены

Күн күбэй ийэлэри ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибит 🌹👏🏼

Ийэлэр күннэринэн! 🌹
Бастыҥ санааҕыт барҕара,
соргулаах санааҕыт салалла,
кэрэ санааҕыт кэскиллэнэ,
ыра санааҕыт туола турдун!👏🏻👏🏻👏🏻💐💐💐

Доруобуйаны, дьолу, ситиһиилэри!

Ким эрдэ турарый?
Ийэ барахсан👩🏻
Ким биһигини үөрэххэ, оҕо саадыгар, үлэҕэ атаарар?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким итии, минньигэс аһылыктаах көрсөрүй?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким түүннэри ыарыйдахха утуйбат?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким эйиигин дьиэҕэр кэтэһэр, долгуйар хойутаатаххына?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким үөрэххин, үлэҕин соруһар?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким олоххун оҥосторгор көмө – тирэх буолар?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким эн үөрдэххинэ тэҥҥэ үөрэр? хомойдоххуна тэҥҥэ хомойор?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ким уҕаарабат таптала биһигини үйэбит тухары кынаттыыр, эрэл кыымын сүрэхпитигэр саҕар?
Ийэ барахсан 👩🏻
Ийэ барахсан, тыыннааҕын тухары аттыбытыгар сылдьан, үтүө сүбэһит, эрэллээх тыыл буолар.
Ийэ барахсан, олохтон да бардаҕына өрүүтүн эн таскар баар.

Өссө төгүл ИЙЭ күнүнэн күн күбэй ийэлэрбит!!!