65 просмотров

«Эдэр сааьым -Комсомол» 

      Комментарии к записи «Эдэр сааьым -Комсомол»  отключены

Араас сылларга бэйэтин кэккэтигэр 160 мөлүйүөн киһини түмпүт итиэннэ социализмы тутууга дьоһун ситиһиилэринэн дьиҥ күүһү-кыаҕын көрдөрбүт Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһа (ЫБСЛКС), Комсомол күнэ -алтынньы 29 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Ол күүрээннээх кэм саҕанааҕы комсомол ыччаттара эдэр саастарын ахта-саныы таарыйа, билиилэрин хаҥата “Эдэр сааһым-Комсомол!” диэн ааттаах  “Өркөн өй” оонньууга кытыннылар. Иккилии киһилээх 3 хамаанда оонньоото.

Оонньуу 15 ыйытыылаах, 5 чэпчэки ыйытыыны аастахтарына алтан мэтээл, өссө 5 ортоку ыйытыылары  аастахтарына үрүҥ көмүс мэтээл, ол кэннэ өссө 5 ыарахан ыйытыыны ааһан кыһыл көмүс мэтээлгэ тиксэллэр. Оонньууга икки көмө бэриллэр: тирэх көмө уонна 50*50.

Оонньуу түмүгүнэн бастакы хамаанда уонна үһүс хамаанда бронза мэтээли, иккис хамаанда үрүҥ көмүс мэтээли ыларга тигистилэр.

Татьяна Гоголева