623 просмотров

Бастакы Учуутал

      Комментарии к записи Бастакы Учуутал отключены

Сэбиэскэй былаас ыытар политикатын биир сүрүн хайысхатынан бүттүүн үөрэхтээһин буолбута. Саха сирин бары муннуктарыгар оскуолалар аһыллан, нэһилиэнньэ барыта ааҕарга, суруйарга үөрэнэн барбыта. Биһиэхэ эмиэ үөрэх-билии сардаҥата Чөкө алааһыгар түһэн, Үөгэҥҥэ аан маҥнайгы начальнай оскуола 1931 с. алтынньы 1 күнүгэр аһыллыбыта. Булгунньах, Күбээдьийэ, Сыылбыт, Дьөгүөрэптэр өтөхтөрө диэн ыраах сытар сирдэртэн 18 оҕо тоҕуоруһа мустубута. Оскуола маҥнайгы сэбиэдиссэйинэн уонна суос-соҕотох учууталынан олохтоох киһи, Толбонов Семен Васильевич буолбута. Кини нэһилиэгин дьонуттан биир бастакынан үөрэхтэнэн, Кириэс Халдьаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрээт, сонно тута учууталлаабыта. Киэҥ билиилээх, сайдыылаах киһи этэ. А.Пушкин, М.Лермонтов хоһооннорун бэйэтэ тылбаастаан үөрэнээччилэригэр ааҕарын, саха, нуучча, омук суруйааччыларын айымньыларын билэрин, Есенин, Байрон хоһооннорун өйтөн ааҕарын үөрэппит оҕолоро ахталлар.  Семен Васильевич бары кыһамньытын ууран туран, ураты бэриниилээхтик үлэлээбит Бастакы Учуутал быһыытынан Үөгэн историятыгар хаалбыт.

13 оҕону төрөтөн, Толбоновтар ааттарын ааттатар ыччаттары хаалларбыта үлэһит дьон буолбуттара. Кыыһа Толбонова Надежда Семеновна – Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэринэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Атын да оҕолоро норуот хаһаайыстыбатыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар.