85 просмотров

Алаһа дьиэ аайы
Ааҕыы киэһэтэ тэрилиннин,
Умнуллубут үгэспит
Үйэлэргэ салҕаныахтын.

      Комментарии к записи Алаһа дьиэ аайы
Ааҕыы киэһэтэ тэрилиннин,
Умнуллубут үгэспит
Үйэлэргэ салҕаныахтын.
отключены
 Кинигэ – биһиги духуобунай баайбыт. Үйэлэргэ мунньуллубут өй-санаа барҕа баайын сомсубут ыччат олоххо тирэхтээх, толкуйа киэҥ, санаата бөҕөх, төрөөбүт дойдутун дьылҕатыгар ыалдьар, кыттыһар, олоҕу оҥорор, кэскиллиир кыах киниэхэ бэриллэр. Оҕону кинигэ диэки хайыһыннарыы – бу баар билигин оскуола уонна төрөппүт сүрүн соруктара.

Ахсынньы 21 күнүгэр  Үөгэн библиотекатыгар «Ааҕар дьиэ кэргэн — 2024» күрэс ыытылынна.  Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Томпо оройуонугар Ийэ сылларынанан,  ааҕыыны көҕүлүүр " Сахалыы ааҕабыт" бырайыак чэрчитинэн сылы түмүктүүр  күрэх ыытылынна. 

Күрэс сыала-соруга: дьиэ кэргэнинэн ааҕыы иитэр суолтатын чиҥэтии, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үтүө үгэстэрин сөргүтүү, ааҕар дьиэ кэргэттэри өйөөһүн.

   Күрэс «Сахалыы ааҕабыт» бырайыак иһинэн 2019 сылтан 1-4 кылаас төрөппүттэрин, үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытыллар. Күрэскэ барыта 4 дьиэ кэргэн кытынна: 

Бурцева Антонина уолунаан Яриктыын, Кривошапкина Елена сиэнинээн Дияналыын, Габышева Мария уонна Валентин кыыстарынаан Эльзалыын, Гоголев Василий уолунаан Арылхынныын. Көхтөөх дьиэ кэргэн барыта 6 түһүмэххэ тургутууну аастылар: «Остуоруйаны малларынан таай», «Саха суруйааччыларын мэтириэттэрэ», ,,Айымньыны таай”, “Саха литературата”, ” Хоһоону ситэр” , ” Аймньы геройун таай”.
Тургутукка ситиһиилээхтик кыттан «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн — 2024» ааты Габышевтар, “Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” – Бурцевтар, “Көхтөөх дьиэ кэргэн” -Кривошапкина Елена сиэнинээн Дияналыын, “Билиигэ тардыһар дьиэ кэргэн” -Гоголев Василий уолунаан Арылханныын.
Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ бириистэри, олохтоох бибилэтиэкэ уонна Гоголевтар дьиэ кэргэттэргэ бирииһи Үөгэн култууратын киинин директора Кривошапкина Елена Петровна спонсордаата.
Күрэскэ кыттыбыт бары дьиэ кэргэттэргэ, спонсорбытыгар Кривошапкина Елена Петровнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Эһигини кытары өрүү ил-эйэ эҥээрдэстин, доруобай, дьоллоох, кинигэ доҕордоох буолуҥ!