785 просмотров

“Айхал, сахам тыла!” тыл оонньуута.

      Комментарии к записи “Айхал, сахам тыла!” тыл оонньуута. отключены

Саха суругун-бичигин төрүттээччи, уһулуччулаах учуонай, сырдатааччы, тыл үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов күн сирин көрбүт күнүгэр биһиги төрөөбүт тылбытыгар сүгүрүйэбит, ийэ тылбыт улуутун туойабыт, кэрэтин кэрэхсиибит, төрүт дьоммутунан киэн туттабыт.

Бу бэлиэ күн Үөгэн библиотекатыгар “Айхал, сахам тыла!” диэн ааттаах хамаанданан тыл оонньуута ыытылынна. Иккилии киһилээх үс хамаанда кэлэн 6 түһүмэхтээх сахабыт тылыгар аналлаах сорудахтары аастылар: нууччалыы тыллары уу сахалыы тылбаастаатылар, сомоҕо домох суолтатын быһаардылар, омоним тыллары хартыынанан сиэттэрэн таайдылар, Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон “Төрөөбүт тылбыт” 1932-1933 с учебнигын ааҕан холоннулар, өс хоһооннорун хартыынанан
таайдылар уонна бүтэһик түһүмэххэ саамай баай тыллаах олоҥхобутуттан олоҥхо тылларын таайдылар. Кыттааччылар бары да саха баай тылын билэллэрэ астыннарда. Кыайыылааҕынан Аркадий Прокопьевич ийэ кыннын кытта Агафия Захаровналыын бастаатылар, иккис миэстэни эдэр учууталларбыт Валерия Константиновна уонна Василина Артуровна ыллылар, үһүс миэстэни Варвара Афанасьевна, Иннокентий Иннокентьевичтыын буоллулар.
Саха тыла сайдарыгар, саха омук илдьэ кэлбит үгэстэрин умнумуоҕуҥ, сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыаҕыҥ диэн оонньуубутун түмүктээтибит, сахалыы сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт.