1 342 просмотров

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ күнэ

      Комментарии к записи Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ күнэ отключены

Ийэ күнүн СӨ маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи ыйааҕынан, алтынньы ый үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн алтынньы 16 күнүгэр түбэһэр. Бүгүн ийэлэргэ аналлаах “Баар буоллун өрүү ийэ” диэн тэрээһин буолла. Ийэлэргэ аналлаах ырыалары ыллаатыбыт, хоһоон аахтыбыт. Ийэҕэ аналлаах ыйытык кыайыылаахтара араас омук үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр. Тэрээһиҥҥэ библиотека волонтера Елена Винокурова ийэлэргэ “Далбар Хотун” сурунаалы бэлэх уунна. Кыттыыны ылбыт ийэлэргэ барҕа махтал, куруук бу курдук актыыбынай, көхтөөх буоллуннар.