1 542 просмотров

Алампаны ааҕабыт

      Комментарии к записи Алампаны ааҕабыт отключены

Саха литературатын төрүттээбит классик суруйааччыларыттан биирдэстэрэ, уус- уран литература үс көрүҥэр уһулуччулаах айымньылары хаалларбыт А. И. Софронов үбүлүөйдээх сылыгар анаан Үөгэн библиотекатыгар куйаар ситимин нөҥүө “Алампаны ааҕабыт” аахсыйа ыытылынна.

Хоһоону сэҥээрээччилэр Алампа хоһооннорун ааҕан, ырыатын ыллаан видеоҕа уһулан куйаар ситимигэр тарҕаттыбыт.

Маны таһынан Анемподист Софронов 1915 сыллаахха суруйбут “Нууччатымсыйбыт” пьесатын туруоран бар дьон көрүүтүгэр таһаардыбыт.
Сүрүн оруоллары, Болтоҕой Уйбааны – Матаркин Семен Егорович, Иҥнэрдиир Өрүүнэни- Кривошапкина Елена Петровна, Уоттай Кэтирииһи – Габышева Мария Олеговна, Кыылдьыты- Неустроев Алексей Климентьевич оонньоотулар.

Алампа аата үйэлэргэ ааттаннын, айан хаалларбыт айымньылара сүппэт үйэлэннин!

Татьяна Гоголева