Ыам ыйын 22 кунэ- Сайылык күнэ (22 мая в Якутии отмечается День Сайылыка. Это молодой праздник, учрежденный главой республики Айсеном Николаевым 6 ноября 2018 года. Предпосылками его учреждения стали сохранение национальных традиций и повышение престижа работников сельского хозяйства)
САЙЫЛЫК
Санаабар бу илэ көһүннэ
Сайылык, алтан от сыһыылар,
Үчүгэээй- үчүгэй күн үүннэ,
Үүт-тураан, үүт тураан халлааммар.
Тумулга сайылык фермата,
Түптэ куөх буруота унаарар,
Кыталык-кыталык кыргыттар,
Кыргыттар лыах буолан дайаллар.
Санаабар биир ырыа дьиэрэйэр –
Сайылык аныгы ырыата:
Нап-намыын, нап-нарын үлүгэр
Намчытык тайаарар дорҕооттор.
Барыта киэҥ, холку ол онно,
Барыта уйаҕас, сайаҕас.
Ичигиис-ичигэс ол онно,
Салгынныын сымнаҕыыс-сымнаҕас.
Ылаарда мин дууһам, дьоллонно,
Ыллыыбын мичээрдээх ырыабын,
Амарыых-амарах дьоннордоох
Ахтыылаах кыраайбын санааммын