1 961 просмотров

“Сайылык Хотун – 2021”

“Сайылык Хотун-2021”
Мы представляем Вам участниц второго открытого республиканского конкурса “Сайылык Хотун-2021”.
Конкурс проводится во второй раз в дистанционном формате с 22  по 30 мая.
В этом году всего 12 участниц представляющих 10 районов нашей республики.
Сегодня представляем участниц конкурса.
Приглашаем всех для знакомства  на сайт библиотеки.
Не забудьте проголосовать  за понравившуюся участницу.
Голосование до 21 мая. Участница набравшая большее количество голосов победит в номинации “Приз зрительских симпатий”

II төгүлүн киэӊ куйаарга ыытыллар «Сайылык  Хотун»  күрэх кыттаачыларын кытта билиhиннэрэбит. Ыам ыйын 17-21 күннэригэр  Томпо киин библиотекатын сайтыгар   tompolibs.ru  “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аат иһин куоластааһын ыытыллар. Сөбүлүү көрбүт кыттааччыга биһирииргин биллэр,  кэрэхсииргин көрдөр.
Биир киһиттэн – биир куолас.
Куоластааһын ыам ыйын 21 кунугэр  14 чааска тохтуур.
Элбэх куолас  хомуйбут кыттааччы анал аат кыйыылааҕынан ааттаныа.

Варламова Дария Романовна (Томпо, Мэӊэ-Алдан)

Сайылык диэн, мин санаабар, сахалар былыр-былыргыттан кэлбит үтүө үгэспит, олохпут укулаата, тирэнэр тирэхпит, өйөнөр өйөбүлбүт буолар. Өбүгэлэрбит кыстыгы этэҥҥэ туораан, ынахтарын-сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ, күөххэ ыытан үрүҥ илгэни үрүлүтээри, эмис эти дэлэтээри сайылыкка тахсаллара.

Саха киһитэ сайылык диэн тылы иһиттэ да күөх дуолга  

дэлэгэйдик мэччийэ сылдьар ынахтары, үүт аһы үрүлүтэн үлэлии-хамсыы сылдьар ыанньыксыттары, тыа чэбдик салгынын, түптэ унаар буруотун саныы түһэр

Көтөр күүhэ- кынатыгар, киhи күүhэ – санаатыгар;

«Төлкө», Николай Золотарев;

“Кыыс – омук анала” диэн. Ол аата өбүгэлэрбит омук сиэрэ-майгыта, туруга, сайдыыта ийэттэн, дьахтартан тутулуктаах диэн үйэлэртэн үйэҕэ бэлиэтээн көрбүттэрин түмүгэ, быһаарыыта буоллаҕа. Аныгы саха дьахтара муударай буолоуохтаах, оло5у кытары тэннэ сайдыахтаах..   Муударай дьахтар – ийэ ииппит оҕолоро бигэ ис туруктаах буолаллар. Муударай дьахтар – ойох эрэ чахчы хаһаайын, суон дурда, халыҥ хахха буолар. Мин санаабар, чахчы оннук да быһыылаах…

Алаһа дьиэ иччитэ ийэ буоллаҕа, ыал ийэтэ эрин тойон оҥостуохтаах, оҕо  дьиэ кэргэнэ хайдах буолуохтааҕын дьиэтин олоҕуттан түһэрэн ылар.

Төрөппүттэрбиттэн ситимнээн илдьэ кэлбит

ситиьиилээх, кэскиллээх диэн өйдөбүлү дьоммор- сэргэбэр тиэрдээри  бу ыытыллар курэххэ бастыннар кэккэлэригэр киирэр сыаллаахпын.

Кыттаачыларгра  ба5арыам этэ ситиьиини, ким кыахтаах ол кыайдын

Иванова Кэскилээнэ Александровна (Таатта , Тыараhа)

Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэ, оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиибин, 6 оҕолоохпун, кэргэннээхпин.

инстаграм страницам: @ikesalek888

Сайылык диэн, мин санаабар, сахалар былыр-былыргыттан кэлбит үтүө үгэспит, олохпут укулаата, тирэнэр тирэхпит, өйөнөр өйөбүлбүт буолар. Өбүгэлэрбит кыстыгы этэҥҥэ туораан, ынахтарын-сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ, күөххэ ыытан үрүҥ илгэни үрүлүтээри, эмис эти дэлэтээри сайылыкка тахсаллара.

Өрүү иннин диэки, кыраттан да чаҕыйбакка, хардыылаан ис!  Венера, Умсуура диэн поэтессалар кинигэлэрин сөбүлээн ааҕарым, билигин иллэҥ кэммэр сахалыы сурунааллары, олохтоох библиотекаттан уларсан ааҕабын.

Аныгы саха дьахтара толлон турбакка барыны бары сатыахтаах, инникигэ эрэллээх буолуохтаах, чөл олоҕу тутуһан, оҕолорун, дьиэ кэргэнин туһугар үлэлээн хамсаан, өрүү үөрэ көтө сылдьыахтаах.

Ким бэлэмнээх, ким бастыҥ – ол кыайдын!

Тус олоххутугар, үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, доруобай, сырдык, ыраас санаалаах буолуҥ, баҕарбыт баҕа санааларгыт туоллуннар!

Махарова Екатерина Васильевна (Кэбээйи, Лүксүгүн)

Кэбээйи улууhун Лүксүгүн бөhүөлэгин олохтооҕо Махарова Екатерина Васильевна диэммин. 65 сааспын томточчу туоллум. Махаров Иван Иванович диэн күүстээх аӊаарбынаан ыал буолан олорорбут 40 сыла. 5 бухатыыр уолаттардаахпыт, 2 кыталык кыргыттардаахпын, Сүрэхпит чопчулара 17 сиэннэрдээхпит Сайылык -диэн уhун тымныы кыhыны кыстаан баран сүөhугүн- аскын илдьэ сайылыкка тиийэ5ин. Онно тиийэн сайыны быhа олорон эрэн ынахтаргын ыан үүт, сүөгэй, суорат астаан дьонноргун, оҕолоргун, сиэннэргин тото- хана аhатаҕын. Арыы арыылаан кыhыӊӊы саппааскын хаhаанаҕын. Урун аhы аhаан, оттоон – мастаан дуоhуйа сынньанан күөх сайыны сайылыкка атаараҕын.

Олоххо девиhим: Бары бииргэ буолуоҕун – чөл олоххо тардыhыаҕын.

Сөбүлээн ааҕар кинигэм автора Тимофей Егорович Сметанин. Аныгы саха дьахтара олох сайдарын батыhыахтаах,туохтан да иннэн толлон туруо суохтаах. Аныгы олох хаамыыта оннук. Ол эрээри өбүгэлэрин үгэhин умнуо суохтаах

Бу күрэххэ тоҕо кыайыахтаахпыный. Бастакытынан оҕолорум, сиэннэрим киэӊ туттуохтара диэн. Иккиhинэн үрдүккэ – сырдыкка тардыhабын .

Кыттааччыларга барыларыгар үрдүк ситиhиини баҕарабын. Дьоллоох буолун, доруобай буолун!

Ноговицына Сардана Васильевна (Кэбээйи, Чагда)

Ноговицына Сардана Васильевна.

Кэбээйи улууһа, Чагда сэлиэнньэтэ          

Сайылык диэн сайын көhөн тахсар сир. Манна сайылыыллар, cүөhүлэрэ-астара торолуйар элбэх мэччирэннээх сир.

Хас  биирдии күнтэн үөр, дуоһуйууну ыл.

Николай Якутскай, “Төлкө”, “Сүтүк” уо.д.а

Аныгы саха дьахтара олоҕу кытта тэӊӊэ хаамыахтаах, ол аата билиитэ-көрүүтэ мэлдьи ханыы, күннээҕи олоҕор саҥаны киллэрэн, олоҕун  тупсагай гыныахтаах.

Кыайыы тус бэйэм кыахпын, олоххо көрүүбүн туоһулуо. Бэйэбэр эрэмньибин бөҕөргөтүө дии саныыбын. Кыайыы  саҥа кирбиилэри ыларбар  көмөлөһүөхтээх.

Сайылыгы өрө тутар Далбар Хотуттар баалларын тухары саха норуота эстибэт. САХАЛЫЫ КУТ, сиэр-туом,  саха итэҕэлэ барыта тулалыыр айылҕабытын кытта сибээстээх. Дьэ онон саха тыынын илдьэ сылдьар бары дьүөгэлэрбэр баҕарыам этэ: туппуккут торолуйан истин, санаабыккыт сатанан истин, баҕарбыккыт барҕаран истин диэн алҕаатагым буоллун! Сайылык Далбар Хотуннарыгар уруй – туску, күөгэл- нусхал буолуохтун! Дом! Дом! Дом!

Осипова Валентина Захаровна (Үөhээ Бүлүү, Далыр)

Осипова Валентина Захаровна – 10 оҕо иһирэх ийэтэ (герой ийэ). Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Далыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһутааҕы норуот педагогикатын түмэлин мэтэдииһэ;

Үөһээ Бүлүү улууһа, Дылыр нэһилиэгэ, Трудовой учаастага;

Инстаграм страницам: @valentinaosipova7023

Сайылык диэн саха дьоно сайылыыр, хас да дьиэ кэргэнинэн мустан уһун кыһыны этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэр сирдэрэ. Сайылык олоҕо уус ураннык ойууланан олоҥхоҕо үйэтитиллибит. Олох диэн олоҥхо, олох иһин, кэлэр кэскил иһин үтүөнү түстүү олоруу. Аар айылҕалыын алтыһыы,күүс – уох мунньунуу.

“Оҕолорум эрэллэрим, сиэннэрим эрчимнэрим”. 

Оҕо сылдьан фантастиканы, мелодрамалары мүччүргэннээх түбэлтэлээх кинигэлэри сырса сылдьан ааҕарым. Билигин ордук публицистиканы ордоробун. Саха суруйааччыларыттан Бүөтүр Тобуруокап, Семен Софрон Даниловтар, Николай Якутскай, Куорсуннаах, Ойуку, Баһылай Тиитэп, ол эрэн соҕотох суруйааччы диэтэргит арааһа Даланы талыам этэ. Нуучча суруйааччыларыттан А.Пушкин, В.Распутин айымньыларын төһө баҕарар хатылаан ааҕыахпын сөп. Атын омуктан Джек Лондаҥҥа сүгүрүйэбин. Олоҕу олус үчүгэйдик ойуулуур.

Дьахтар өрүү дьахтар буолуон наада эбит. Өбүгэлэрбит кыыс төрөөтөҕүнэ дьахтар, ыал ийэтэ буоларга анаан иитэллэр, бэлэмнииллэр эбит. Ханна да суруллан турбатар сахалыы, дьахтардыы, ийэ буоларга уһуйаллара, харыстыыллара, хараанныыллара. Аныгы дьахтар маны билиэн уонна баһылыан баҕарабын.

Күрэххэ кыттыым- кыайыым. Мин түҥ ойуур быыһыгар өбүгэ дьоммут төрүт олоҕун толору тутан Трудовой сайылыгы иччилээн олоробут. 

Доруобай буолуҥ! Сайылык саамал салгыныныы чэгиэн чэбдик туруктаныҥ! Иитэр сүөһүнү күрүөлээҥ, төрөтөр оҕону төлкөлөөҥ! Унаар буруоҕут урууну-аймаҕы үксэттин, оҕоҕут сиэҥҥит үксүү турдун, удьуору ууһаттын! Алгыс баһа сыалаах,экчи булгу туолуохтун!

Павлова Оксана Филипповна (Мэӊэ-Хаӊалас, Дьанхаады)

Инстаграмым ссылката: @pavlovaoksana38

Мин санаабар сайылык диэн- киhиэхэ ыраас, сылаас өйдөбүлү биэрэр. Сахабыт Сирин тыйыс тымныытын кэннэ, саас сайылыкка тахсар саамай үчүгэй-күндү кэм буолар. Сайылыкпыт киэӊ алаастарыгар сылгыларбыт, сүөhүлэрбит мэччийэннэр, төлүhүйэннэр үүт-ас дэлэйэр. Оҕолор, сиэттэр бу интернет уйэтигэр сайылыкка тахсан мэниктээн, оонньоон, сибиэhэй салгыӊӊа сылдьаллара быдан туhалаах. 

Мин олоххо девиhым: Туохтан да толлубакка, иннин диэки баран ис-диэн буолар. 

Мин сахалыы кинигэлэри ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Олортон биир собулуур кинигэм “Дьикти саас”, Василий Семенович Яковлев-Далан буолар. 

Билиӊӊи үйэҕэ аныгы Саха дьахтара үөрэхтээх, үлэhит, инникитигэр сыаллаах-соруктаах буолуохтаах. Ону таhынан төhө да бириэмэ уларыйдар хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин, сахалыы сиэрин-туомун илдьэ сылдьара ордук дии саныыбын. 

Бу күрэххэ то5о мин кыайыахтаахпыный диир буоллахха: Саха киhитин хороҕор муостааҕы таптыырга, иитэргэ,бүөбэйдииргэ дьоӊӊо уhуйабын. Билиӊӊи ыарахан кэмӊэ сүөhүнү, сылгыны иитэр киhи быстан-охтон биэриэ суоҕа. Бу күрэххэ мин кыайар түгэммэр баҕа санаам туолан, кэлэр кэскилгэ тиийиэ диэн эрэнэбин! 

Хас биирдии кыттааччы дьүөгэлэрбэр баҕарыам этэ  сүөhүгүтүн эспэккэ куруук илдьэ сылдьаргытыгар, сайылыкка тахсар үгэскитин өрө тутаргытыгар. Уонна баҕарабын бу күрэххэ ситиhиини!

Прудецкая Светлана Александровна (Уус-Алдан, Тумул)

Инстаграмым ссылката:  @tumul_biblioteka_khaldeeva

 

Сайылыкдиэн тугуй: Сайылык диэн өбүгэ үгэһинэн,  саха ыала сүөһүлэрин мэччитэр, сайылатар, олорор сирдэрэ.Сайылык элбэх тутуулардаах, ол курдук балаҕаннаах, ампаардаах, титииктээх, даллаах,хаһаалаах, мэччирэҥ сирдээх, оттуур ходуһалаах,күөллээх буолар.Өбүгэлэрбит ийэ айылҕа уһуктар кэмигэр, үгэс быһыытынан  сайылыкка тахсыы малааһынын тэрийэллэрэ, сиэри-туому толорон ытык маска сүгүрүйэн салама баайаллара, биэ кымыһынан айах туталлара, кии, түптэ буруотун унаарытан, сыт таһааран  сир дойду иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа арыылаах алаадьынан алгыс этэн, үтүө сайын буоларыгар, сайылыктарыгар үрүҥ илгэ, хороҕор муостаахтара, сыспай сиэллээхтэрэ дэлэйэрин, ходуһалара өлгөм үүнүүнү биэрэрин туһугар Үрдүк Айыылартан көрдөһөллөрө.

Олоххо девиһым: «Олох кэрэтин кэрэхсээн, үлэлиэххэ, үүнүөххэ, үтүөнү үксэтиэххэ”.

Сөбүлээн ааҕар кинигэм, ааптарым: РФ суруналыыстарын, суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, олохтоох ааптар, суруйааччы Находкина Татьяна Петровна айымньыларын сөбүлээн ааҕабын.Ордук сөбүлээн аахпыт кинигэм “Дьылҕан бэйэҥ илиигэр”. Татьяна Петровна идэтинэн учуутал буоларын быһыытынан, ордук эдэр ыччат кыһалҕатын, оҕо иитиитин ,таптал, дьиэ кэргэн  тиэмэлэрин итэҕэтиилээхтик сырдатар.Кини айымньылара, үүнэр көлүөнэ ыччаты иитэр-үөрэтэр суолталаахтар, олох киэҥ аартыгар тахсалларыгар күүс –көме, сүбэ-ама буолаллар.

Ааптар Находкина Т.П. -2014с СӨ Бэрэсидьиэнигэр тыа бэлиитикэтин сүбэтин, С.А.Новгородов аатынан “Айар” национальнай кинигэ кыһатын быһаарыытынан “Саамай ааҕыллар кинигэлээх ааптар” диэн анал суругунан бэлиэтэммитэ. Былырыын 2020с СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ кини«Дьылҕан бэйэҥ илиигэр» кинигэтин саамай  ааҕыллар кинигэнэн бэлиэтээбитэ.

Татьяна Петровна 13 кинигэ ааптара, 12 хомуурунньукка кэпсээннэрэ киирбиттэрэ, кэпсээннэрэ  “Улуус уран тыллаахтара” сиэрийэ кинигэҕэ киирбитэ, үгүс кэпсээннэрэ ааҕааччы биһирэбилин ылан, киинэ буолан көрөөччү киэҥ араҥатыгар сырдатыллан, тарҕанан  эрэллэр.

Аныгы саха дьахтара хайдах буолуохтааҕый: Мин санаабар аныгы саха дьахтара үөрэхтээх, сөбүлүүр идэлээх, үлэлээх, нэһилиэгин, улууһун, республикатын  общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттыахтаах, үлэлиэхтээх.Араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан билиитин-көрүүтун тургутан көрүөхтээх, элбэҕи ааҕыахтаах- билиэхтээх, сайдыылаах, үрдүк культуралаах, өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун ытыктыахтаах, тутуһуохтаах. Оҕолорун айылҕаны кытта алтыһыннаран, өбүгэ үгэһигэр үөрэтиэхтээх, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэриэхтээх.Төрөөбүт төрүт тылларынан ийэ-аҕа диэнтэн саҕалаан саҥарда  үөрэтиэхтээх, кыра эрдэхтэриттэн кинигэни таптыырга, кинигэни ааҕарга уһуйуохтаах. Кыыс оҕону  дьиэ ис үлэтигэр , иискэ, ас астааһыныгар, ынах ыаһыныгар илдьэ сылдьан такайыахтаах. Оҕо иитиитигэр, дьиэ кэргэҥҥэ ийэ оруола улахан, хас биирдии саха дьахтара  тус бэйэтин холобурунан оҕолорун иитиэхтээх, үөрэтиэхтээх.

Бу курэххэ тоҕо кыайыахтаахпыный: Мин “Сайылык Хотун» республиканскай дистанционнай күрэххэ,  кыайдарбын диэн бэйэбэр-сыал сорук туруорунан кыттабын.Маннык курэхтэр тыа сирин ыалыгар, дьахталларыгар анаан ыытыллаллара олус наадалаах, туһалаах, үрдуккэ кынаттыыллар, угуйаллар.Сүрүн үлэбиттэн быыс булан хаһаайыстыбабарбэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатыттан: кымыһы, быырпаҕы, иэдьэгэйи, сүөгэйи, суораты, ынах арыытын, ис үөрэтин, дырыһааҥкыныордоруттан көрөн нэһилиэнньэҕэ атыылаан кыра дохуот киллэринэбин.Сылын аайы улууспутугар ыытыллар “Идэһэ”, “Үүнүү» тыа хаһаайыстыбатынбыыстапка дьаарбаҥкаларыгар кыттан нэһилиэгим аатын ааттатан бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибин. Дьиэ кэргэн ийэтэ буоларым быһыытынан өбүгэбит аһын дэлэтиигэ, эдэр ийэлэргэ, дьиэ хаһаайкаларыгар ынах үүтүттэн, иэдьэгэйтэн дьиэ сыырын оҥоһуутун технологиятыгар сүбэлэри, маастар кылаастары ыытабын.Нэһилиэкпэр,улууспар, республикаҕа ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттабын. Ол курдук 2014с нэһилиэкпэр ыытыллыбыт “Кэрэчээнэ Куо” күрэххэ кыттан кыайыылааҕынан үрдүк аатын ылбытым. 2018сыллаахха Республиканскай “Көхтөөх Хотун» күрэххэ кыттан «Уран Хотун» анал аат хаһаайкатынан буолбутум. Быйыл 2021сылга Республиканскай үһүс көлүөнэ оскуолата ыыппыт “Ытык Аҕа” фотонан күрэххэ кыайыылааҕынан, 2021с Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтэ”  духуобунай култуура киинэ  “Кыбытыктаах иис эйгэтэ” куйаар ситиминэн ыыппыт быыстапка көрүүтүгэр«Бастакы үктэл”  кыайыылааҕа буолбутум.

Тыа сирин үлэһит дьонун-сэргэтин, чөл доруобай олоҕу, нэһилиэгим сонуннарын улууһум «Мүрү саһарҕата” хаһыатыгар өрүү суруйабын,сырдатабын.Ол курдук 2019сылга улууспар “Сыл бастыц уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ” буолбутум. Нэһилиэкпэр, улууспар ыытыллар уус уран быыстапкаларга көхтөөхтүк кыттабын.

Күрэххэ кыттар дьүөгэлэрбэр баҕа санаам: Сайылык Далбар хотуттарыгар,дьиэ кэргэттэригэр баҕарабын чөл, доруобай олоҕу, хороҕор муостааххыт хойуннун, сыспай сиэллээххит сырыстын, үрүҥ илгэҕит үрүлүйдүн,эмис эккит дэлэйдин.Өбугэбит үтүө үгэстэрин, сиэрин- туомуноҕолоргутугар, сиэннэргитигэр иҥэрэн саха бастыц ыала буолан сандаарыҥ,уйгу –быйаҥ олохтонуҥ!

Семёнова Розалия Андреевна (Бүлүү, Өкүндү)

КФХ “Чолбон” хотуна, үлэбинэн, оҕо уһуйааныгар иитээччи. Түптэ буруо сыттаах, тиит, хатыҥ мастар тулалаах, эгэлгэ сибэккииннэн симэммит, үрүҥ элгэни үрүлүтэр, күрүө-хаһаа аартыктаах ахтар саныыр – САЙЫЛЫГЫМ барахсан! дьэ тииийэн кэллэҕим! Киэҥ-куоҥ алаастардаах, мэкчирэҥҥээх дэлэгэй, сүөһү аһаан -сиэн, уойан – тотон, элбэх үүт -ас ылан сайыҥҥы кэмнэри Сайылыкка атаарыы улахан суолталаах буоллага

Киһи олоххо бэйэтин оруолун ытык иэс курдук оҥостон толорор өйдөөх, толкуйдаах буоллаҕына, олоҕун бэлэхтэрин иҥэмтиэлээх оҥорон иһиитэ кэҥиир!

Күндү биир үөлэҥҥээхтэрим! Бары үчүгэйи баҕарабын, дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ, санаабыккыт,ылсыбыккыт барыта туола турдун!

Сидорова Марина Степановна (Чурапчы, Мындаҕаайы)

Инстаграм страницам: @marinastepanovna1105

Сайылык диэн мин санаабар… Туптэ уунар буруота тунаарыйар чуумпу киэhэлээх, дьэдьэн угунан туолбут ойуурдаах, халдьаайы сыырдаах айыл5алаах, алтан от сыыhылар, о5о- аймах саӊалаах, ынах – сүөhү быйаннаах- ытык  саха ыалын өбугэ саҕаттан саамай күндү  сирэ.

Иллэӊ кэммэр кинигэ ааҕабын, чуумпу нуурал киэьээ музыка истэрбин туохтаа5ар да ордоробун. Сөбүлээн ааҕар кинигэлэрим , Николай Неустроев “Муммут о5о”, Донцова Дарья Аркадьевна “Крутые наследники”.

Аныгы саха дьахтара,  мин санаабар бастатан туран үчүгэй , барыны-бары с атыыр хайаайка, мындыр өйдөөх,  утуө-сырдык  санаалаах кэрэ аӊар.

Бу күрэххэ кыайыахтааххын диэн кыттыбаппын,  бастатан туран, мин бэйэбин сыаналыырбар  уонна оҕолорум, олоҕум аргыьа  киэн туттуохтарын баҕарабын.

Олохпор девиьым: туохтан да ча5ыйбакка, иннин диэки эрэллээхтик!

Кыттааччы дьуегэлэрбэр ба5арыам этэ доруобуйаны, тус олоххуторугар дьолу!  Ким бэлэмнээх- ол кыайдын!

 

Сидорова Надежда Васильевна (Абый, Кэбэргэнэ)

Инстаграм страницам https://www.instagram.com/p/CO7x0vZnrlg/?igshid=1bgo7wre3zka2

Сайылык – саха норуотун культуратын, тылын сүмэтэ. Сайылык – бу дьоллоох оҕо саас сырдык өйдөбүлэ, оҕоҕо олоҕун тухары хаалар эриэккэс санаа.Сайылык – саха норуотун киэн туттуута,инникитэ эрэлэ. Сайылык – доруобуйа биһигэ. 

«Ыарахаттартан толлубакка инним диэки хорсуннук»

В.С.Яковлев -Далан «Тулаайах оҕо».

Аныгы саха дьахтара барыны бары сатыырын таһынан аныгы технологиялары толору баһылыахтаах. Тыаҕа олорор Далбар хотун кэтэх хаьаайыстыбалаах буолуохтаах, дьиэ кэргэнин үрүҥ аһынан, сибиэһэй этинэн дэлэччи хааччыйыахтаах.                       Биһиги дьиэ кэргэн 2004 сылтан сайылык тэринэн, «Улуннаах» КФХ буолан үлэлиибит-хамсыыбыт. Тустаах үлэбит уотпускатын кэмигэр 2009 сылтан дьиэ кэргэн сайыҥҥы үлэ – сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн элбэх оҕолоох,кыаммат дьиэ кэргэттэр оҕолорун хомуйан «Модун»  лааҕыр сайылыкпытыгар үлэлэтэбит.

Бу күрэххэ мин кыайыахпын сөп ,тоҕо диэтэр тус хоту сайылык тэрийэр икки бүк ыарахан, кытаанах эрэ санаалаах киьи сайылык тэринэн сүөһү-ас ииттэр.

Күрэххэ бииргэ кыттар дьүөгэлэрбэр баҕарыам этэ бары ситиһиилээхтик кытталларыгар, дьиэ кэргэннэригэр өйдөһүүнү,өйөһүүнү,үлэлэригэр ситиһиини!Куруук кинилэр дьиэлэригэр ил-эйэ илгийдин, үөрүү,дьол кыыма сыдьаайдын!

Трофимова Матрёна Кэнчеровна (Чурапчы, Сылан)

Ссылка инстаграм: @motrena36

Сайылык диэн тугуй? Саха норуотун өбүгэ саҕаттан кэлбит тута сылдьар үгэhинэн уhун кыhын кэнниттэн, кылгас сайын күөх сирэмиттэн сомсоору,  урун илгэни үксэтээри, эмис эти дэлэтээри саха ыала сүөhүтүн күөх окко үктэнэн өлгөм мэччирэннээх сайылыкка таhаарыы.

Олоххо девиhым: «Үчугэйи үксэтэн, үлэни өрө тутан олоҕу таптыахха».

Сөбүлээн ааҕар кинигэм, автора: «Дьикти саас» Василий Семенович Яковлев-Далан.

Аныгы саха дьахтара хайдах буолуохтаа5ыый: Аныгы саха дьахтара сэмэй, сиэрдээх, барыны бары сатыахтаах,

Бу күрэххэ тоҕо мин кыайыахтааххыный? Сайылыгым туhунан, тыа дьонун үлэтин-хамнhаын, олоҕун кэлэр көлүөнэҕэ, ыччакка тиэрдээри, көрдөрөөрү, сайылык үтүөтүгэр ыӊыраары.

Кыттааччы дьүөгэлэрбэр баҕа санаам: бука барыларыгар ситиhиини, доруобуйаны, уйгу-быйаӊ олоҕу. 

Эверстова Наталья Николаевна (Кэбээйи, Чагда)

«Сайылык» диэн тыл хайа баҕарар саха киһитин сүрэҕин-быарын иһинэн  сылаастык киирэр, сырдык-ыраас, сүргэтин көтөҕөр, санаатын сайгыыр кэрэ тыл.  Саха киһитэ сайылык диэн тылы иһиттэ да күөх дуолга дэлэгэйдик мэччийэ сылдьар ынахтары, үүт аһы үрүлүтэн үлэлии-хамсыы сылдьар ыанньыксыттары, тыа чэбдик салгынын, түптэ унаар буруотун саныы түһэр.

 Мин санаабар, сахалар былыр-былыргыттан кэлбит үтүө үгэспит, олохпут укулаата, тирэнэр тирэхпит, өйөнөр өйөбүлбүт буолар. Өбүгэлэрбит кыстыгы этэҥҥэ туораан, ынахтарын-сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ, күөххэ ыытан үрүҥ илгэни үрүлүтээри, эмис эти дэлэтээри сайылыкка тахсаллара.

Ол курдук, саха ыалын сиэринэн, мин оҕо сааһым «Сымалаах» сайылыгар ааспыта. Бэйэбин өйдүөхпүттэн, аҕам олунньу, кулун тутар ыйдартан са5алаан сылгыларын илдьэ сайылыгар көһөр, биһиги ийэбитин кытары үөрэх дьыла түмүктэннэр эрэ, сүөһүбүтүн кытары сайылыкпытыгар күн бүгүнүгэр диэри сайылыы көһөн тиийэбит.  Бииргэ төрөөбүт алтабыт. Ыал улахан оҕото буоламмын, ийэлээх  аҕабар  көмөлөһөн, кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ-хамнаска сыстан улааппытым. Бэйэм атын идэни талыам эбитэ буолуо даҕаны, олоҕум сүнньүнэн, дьылҕам этиитинэн, Ньидьили орто оскуолатыгар үлэлиирим таһынан, үс оҕобун атахтарыгар туруоран, үөрэхтээх, үлэҕэ сыстаҕас, үлэһит, өбүгэ үгэһин утумнаан үтүө дьон буола улааттыннар диэн, ийэлээх аҕабар күүс-көмө буолан,  бииргэ төрөөбүттэрбин кытары сайылыкпытыгар сир астаан, оттоон-мастаан, кэтэх хаһаайыстыбабытын көмөлөөн көрөн олоробут. Уопсайа уон икки хороҕор муостаахпыт. Онтон биэһэ ыанар ынахтар. Үһэ ньирэй.

Мантан сайын дьылы этэннэ туораан, күөххэ үктэнэн бу аҕыйах хонугунан  кыралыын, кырдьаҕастыын бары  үөрэ-көтө, ахтылҕаннаах “Сымалаахпыт” сайылыгар көһүөхпүт турдаҕа…

 Олохпор девиһим: үрдүккэ, кэрэҕэ, билиигэ, бэйэҥ чыпчаалгар дьулус!

Уһун үрүҥ түүннэр турдулар да, сайылыкпар тиийдэхпинэ сөбүлээн ааҕар кинигэм Николай Якутскай “Төлкө” романа.

Алаһа дьиэ, тиэргэн далбар хотуна дьиэ кэргэнигэр бэриниилээх, кэргэниниин, оҕолорунуун иллээх, омукпут уратытынан  кэнчээри ыччаттарын  кыра эрдэхтэриттэн ийэ тылынан саҥардан, чөл куттаах, ийэ дойдуга бэриниилээх кэнчээри ыччаты иитэн таһаарыахтаах. Маны таһынан, аныгы саха дьахтара олох ирдэбилин тэтиминэн тэҥҥэ үөрэнэн, олоххо көрүүтүн, сыһыанын, билиитин күннээҕи олоҕор, кэлэр өттүгэр сөпкө дьүөрэлии тутан сайыннарыахтаах.

Мин бу “Сайылык Хотун” күрэххэ кыайыынан ситиһиилэнээри эрэ кыттар буолбатахпын. Бастатан туран, эдэр ийэ буоларым быһыытынан опыт атастаһаары, ылаары. Иккиһинэн, бэйэм курдук  кэтэх хаһаайыстыбалаах тыа кыргыттара хайдах дьаһанан олороллорун көрөөрүбүн-истээрибин, санаа атастаһаарыбын.  Үсүһүнэн, олоххо активнай позициялаах киһи буоларым быһыытынан, куруутун бары буолар тэрээһиннэргэ дьиэ кэргэмминээн көхтөөхтүк кыттабыт.

“Сайылык Хотун” республиканскай бырайыак ааптарыгар Сидорова Сардана Константиновнаҕа, тэрийээччилэргэ, сайылык хотуттарыгар өбүгэлэрбит дьарыктарын, чуолаан хороҕор муостааҕы иитии, сайылыктааһын тиэмэтин кэлэр кэскилбитигэр үтүө холобур оҥостон инникилээх олоҕу саҕаргытыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин. Инникитин даҕаны уҕараабат дьулуургутунан санааҕытын-сүрэххитин ууран, салгыбакка туран үлэлииргитигэр! Күндү кыттааччыларга өссө төгүл үрдүк ситиһиилэри!

[poll id=”4″]

258 thoughts on ““Сайылык Хотун – 2021”

    1. Надежда Алексеевна

      Прудецкая Светлана Александровна
      Уус-Алдан,Тумул

  1. Марианна Владимировна Охлопкова

    Махарова Екатерина Васильевна 🌺🌿🌺🌿🌺

  2. Екатерина

    Эверстова Наталия Николаевна, (Кэбээйи Чагда) 😍💐✊

  3. Варвара

    Ноговицына Сардана Васильевна Вы можете,надеемся,желаем удачи 🤩🙌🙌🙌🙏

  4. Варвара

    Сардана Васильена вперед,надеемся за победу❤️🙌🙌🙌🌹🌹🌹

  5. Васильева Антонина Ильиничнп

    Ноговицына Сардана Васильена

    1. Мария

      Сардана Ноговицына молодец 👍👍👍кыайыыны ситиьиини ба5арабын

  6. Вероника Андреевна

    Кэрэ кыыс Кэскилээнэҕэ куолас барда, кыайыыны

  7. Светлана

    Сидорова Надежда Васильевна, Абый Кебергене🌷🌷🌷

  8. Софья Владимировна

    Семёнова Розалия Андреевна
    Булуу, Окунду
    🙌✊👍

  9. Раиса

    Иванова Кэскилээнэ Александровна.
    Кыайыыны ба5арабын!

  10. Надежда Чеокашина

    Прудецкая Светлана Александровна саамай бастыцнара эбит👍👏🏻

  11. Екатерина

    Семенова Розалия Андреевнага ситиьиилэри🤞🏻🤞🏻🤞🏻🍀

  12. Светлана Иванова

    Осипова Валентина Захаровна👍👍👍Биьиги Далырдар✊

  13. Роман

    Семенова Розалия Андреевна – Бүлүү Өкүндү. Лучше всех!

  14. Александра

    Мотрена Кэнчээрьевна Трофимова дьиннээх сайылык хаьаайкатп

  15. Анна Егоровна

    Матрена Кэнчеровна Трофимова дьиҥнээх сайылык ХАҺААЙКАТА!

  16. Софронова Татьяна Ильинична

    Я голосую за Иванова Кэскилээнэ Александровну, от души очень любит помогать Всем, трудолюбивая, талантливая во всём, добродушная, отчывчивая, любящая мать, жена,

  17. Таисия

    Мотрена Трофимоваҕа куоластыыбын,сайылык маанылаах Далбарыгар,ситиһиини баҕарабын

  18. Айталина Михайловна

    Иванова Кэскилээнэ Александровна😍👍ситиЬиини ба5арабын!

  19. Евдокия

    Кэскилээнэ Александровна маладьыас 👍👍👍👏👏👏👏👏👏👏

  20. Рамир

    Павлова Оксана Филипповна Меня Ханалас Тохтур маладьыас👍

  21. Зинаида

    Махарова Екатерина Васильевна кыайыа диэн эрэнэбин. Эйэлээх, кэскиллээх дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, оголоро, сиэннэрэ бары үтүө мааны майгылаахтар, дьоңңо сэргэгэ эйэгэс, амарах сыһыаннаахтар, тэрээһиннээх, сырдыкка кэрэгэ дьулуурдаахтар. Бөһүөлэк ологор -сайдыытыгар улахан кылааты уурбут, бары астынар, киэн туттар, хайгыыр дьиэ кэргэммит. Кыайыыны!

  22. Moruos uola

    Сардана Васильевна Ноговицына, Чагда Кэбээйи. Балтым кытаат, кыайабыт.

  23. Валентина

    Куоластааһыҥҥа бириистээх миэстэҕэ тиксибэтэххинэ даҕаны, санааны түһэримэ Мотрена Кэнчэриевна. Дьон норуот көрүүтүгэр таҕыстаҕын👍, этэҥҥэ буолууну, сүөһү ас этэҥҥэ күөххэ үктэммитинэн🙌🙌🙌

  24. Григорьева И И

    Иванова Кэскилээнэ Александровна Таттинский улус

  25. Тамара Антонова

    Трофимова Матрёна Кэнчеровна, Чурапчы, Сылан.

  26. Лилия Алексеевна

    Прудецкая Светлана Александровна
    Уус-Алдан,Тумул

  27. Туяра

    Голосуем за Прудецкую Светлану Александровну!✊
    Уус-Алдан, Тумул

  28. Самсонова Варвара Егоровна

    Осипова Валентина Захаровна5а куоластааҥ диэн ыҥырабын.
    Ситиһиини ба5арабыт.

  29. Альбина

    Прудецкая Светлана Александровна Усть Алдан,с.Тумул

Обсуждение закрыто.