1 639 просмотров

Ыра санаа кынаттаах (Ф.Г. Винокуров-Даадар төрөөбүтэ 110 сыла)

«Поэт тыл сындалҕан сыратын

билбитэ буолуо», – диэн этимэҥ,

«Муза кыһыл көмүс кынатын

Өлүү оҕо тапта», – диэмэҥ…

Поэт буолар дьоллоох ыранан

Үйэлээх олохпун ыытыам,

Баҕар, өлбөт-сүппэт тылланан

Мин да туналыйа сытыам…

Федор  Григорьевич Винокуров 1911 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр урукку Таатта оройуонугар (билигин Томпо оройуона) III Байаҕантай нэһилиэгэр Киргиэлэй өтөҕɵр Даадар от үрэх үрдүгэр төрөөбүтэ. Кини төрөөбүт эйгэтэ дьадаҥылар, дьоно революция кэнниттэн хаһаайыстыбаны туппуттара.

Аҕата Григорий Федорович, ийэтэ Дария Дмитриевна үөрэҕэ суох, оччотооҕута түҥкэтэх сирдээх-уоттаах тыа сахалара этилэр. Саастарын тухары харыларын күүһүнэн үлэлээн, отучча сүөһүлэнэн, кэлин сэниэ ыал ахсааныгар киирбиттэрэ.

Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр: Сүөдэр бастакы, быраата Ньукулай, балыстара Евдокия.

Сүөдэр кыра эрдэҕиттэн үтүө сүрэхтээх, киэҥ-холку көҕүстээх, элэккэй, үөрэ–көтө сылдьар, дьээбэлээх майгылааҕа. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ эмискэ этэ охсор кымньыы сытыы тыллааҕа. Кыра, хатыҥыр уҥуохтааҕа.

Сүөдэр бииргэ үөскээбит табаарыстарыттан уһулуччу чорбойоро, ол эрэн биллэ-көстө сатаабат этэ. Доҕотторун кытта хатыҥ чараҥ быыһынан сырсара, таптыыр үрэҕин хас биирдии отун-маһын астына, дуоһуйа көрөрө, сибиэһэй салгынынан тыынан, ону этигэр-хааныгар иҥэринэн, маннык биллибэт-көстүбэт сэмэй Даадар үрэх аатын кэлин псевдонимынан ылыннаҕа…

Туласынов П. Я.

Суруйааччы доҕоро Паана Тулааһынаптыын биир тэлгэһэҕэ улааппыттара. Ону бигэргэтэн поэт Тулааһынап:

                   Кыра сылдьан сиэбиппит

                   Арыы, суорат, алаадьы

                   Кэрэ кэмҥэ ийэ сирбит

                   Кэтиир Кириэс – Халдьаайы…

диэн умнуллубат оҕо саас туһунан долгуйан туран суруйбута.

Сүөдэри төрөппүттэрэ уонугар сырыттаҕына, 1920 с., Кириэс-Халдьаайы түөрт группалаах оскуолатыгар дьулуһан туран биэрбиттэрэ.

Бу кэмнэргэ III Байаҕантай нэһилиэгэр оскуола биллэр культурнай киин этэ. Манна саха норуотун киэн туттар суруйааччыта Алампа убайа Василий Иванович Софронов, 1926-1927 сс. талааннаах кэпсээнньит, драматург, бэргэн тыллаах очеркист – суруйааччы Г. Д. Бястинов – Бэс Дьарааһын  учууталлаабыттара.

Маннык ыраах, чиэски сиргэ  норуокка киэҥник биллибит дьоннор үлэлээн ааспыт оскуолаларыгар үөрэнэн, Сүөдэр  билии-көрүү киэҥ аартыгын кирилиэһин дабайан, эрэмньилээхтик иннин диэки дьулуруйан испитэ.

Поэт кинигэлэрэ, бэчээккэ тахсыбыт айымньылара

Даадар
Маҥнайгы хардыы : (1932-1933 с. с.) : [хоһооннор] / Даадар. – Дьокуускай : Судаарыстыба Саха сиринээҕи бэчээттиир суута, 1934. – 58, [1] с.

Уус-уран литиэратуура : Саха сиринээҕи собиэтскэй суруйааччылар сойуустарын сборнига. – Йакуутскай : САССР судаарыстыбаннай изд-бата, 1938-. 1939, кн. 4. – 1939. – 121, [2] с.

Даадар
Ыра санаа кыната : Хоһооннор, поэма / Бэчээккэ бэлэмнээтилэр П. Н. Попов, Л. Ф. Винокуров ; К. Р. Попов уруһуйа. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1980. – 72 с.

В сборник вошли лучшие лирические стихи на колхозную тему и поэма-легенда о священной любви из литературного наследия якутского поэта.

Даадар. Мин ыллыам. Хоhооннор/Н.Е. Винокуров – Урсун хомуйан оӊордо, бэчээккэ бэлэмнээтэ. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 64 с. Поэт Ф.Г. Винокуров Даадар төрөөбүтэ 95 сылын көрсө араас сылларга суруйбут хоhсаӊалыы таӊыллан киирдилэр. Урут кини хоhоонноро 1934 уонна 1981 сыллаахха туспа кинигэнэн тахсыбыттара. Олорго киирбэтэх уонна поэт стилин көрдөрөр сүрүн  хоhооннорун түмэн бэчээттиибит.

Кырасдааныскай сэрии : саха уус-уран литерэтиирэтин усбуорунньуга / Эллэй хомуйбута, [аан тыл авт.]. – Дьокуускай : СССБС, 1935. – 166, [3] с.

“Хотугу Сулус”  сахалыы тылынан уус-уран литературнай уонна общественно-политическай сурунаал

Саха поэзиятын антологията = Антология якутской поэзии / [хомуйан оҥордулар: М. Д. Ефимов уонна И. И. Артамонов ; ред. уонна киирии тылы суруйда В. М. Новиков]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1967. – 510, [1] с.

С. Даадар ыстатыйалара

Кыһыл ыллык : [журнал художественной литературы, искусства и критики / Орган правления Союза советских писателей ЯАССР]. – Якутскай : , 1930-1937.
1935, N 2, кулун тутар-муус устар. – 1935. – 92 [2] с.

Эдэр бассабыык : комсомуол Дьокуускай уобаластааҕы кэмитиэтин хаһыата / [ЫБСЛКС Дьокуускай уобалаһынааҕы кэмитиэтэ]. – Дьокуускай, 1929-1940
1933, N 53 (402), бэс ыйын 9 кунэ. – 2 с

«… өлбөт-сүппэт тылланан мин да туналыйа сытыам…» (Ф. Г. Винокуров – Даадар туһунан ахтыылар)

Сыромятникова, Анастасия Саввична (прозаик; 1915-1997).
Хардыылар: (очерк-эссе хомуурунньуга)/ Анастасия Сыромятникова. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1989. – 85, [2] с.

Автор в этих очерках пишет о людях – тружениках республики, об охране окружающей среды, о том что волнует жителей села.

Харитонов, Иван Васильевич. Суруйааччы Даадар. /Хомуйан оҥордо И.В. Харитонов. – Хаандыга: Томпо оройуонун типографията, 2005. – 70 с. Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайы с. төрөөн-үөскээн тахсыбыт бастакы суруйааччы, поэт Ф.Г. Винокуров – Даадар олоҕун, айар үлэтин туһунан ахтыылар хомуурунньуктарыне РФ журналистарын союhун чилиэнэ, педагогическай үлэ, тыыл ветерана И.В. Харитонов түмэн таһаарда. Кинигэҕэ Даадар бэйэтин хоһоонноро, тус докумуоннара, суруктара Саха Республикатын киин архыыбыттан туһанылыннылар. Саха литературата сайдарыгар олугу уурсубут суруйааччы Даадар туһунан кэпсэнэр кинигэ иитэр-үөрэтэр дириҥ суолталаах.

Үһүс Байаҕантай, Кириэс Халдьаайы / [хомуйан оҥордулар: И. П. Баланов, Б. И. Павлов ; аан тыл Б. Павлов]. – Дьокуускай : Көмүөл, 2012. – 325, [11] с.

Томпо улууһун III Байаҕантай нэһилиэгэ (Кириэс Халдьаайы) былыргы Байаҕантай улууһугар киирсэрэ. Кинигэ нэһилиэк былыргы историятын, үлэһит дьоннорун уонна бүгүҥҥү олоҕун кэпсиир.

Тарасов, Савва Иванович
Ахтыылар. Ыстатыйалар. Этиилэр / Савва Тарасов. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 606, [1] с. Саха народнай поэта Савва Тарасов бу кинигэтигэр дойдуларын историяларыгар сүппэт-оспот суолу хаалларбыт биллиилээх суруйааччылар, артистар тустарынан ахтыылар, ыстатыйалар, этиилэр киирдилэр. Улахан миэстэ саха уус-уран литературатын проблемаларыгар ууруллар.

Жегусов, Дмитрий Степанович.

Отутус сыллар ааннарын сэгэттэххэ… / Д.С.Жегусов ; [ред. Е.Н.Баишева]. – Дьокуускай : Кемуал, 2007. – 152 с.

Автор Д.С.Жегусов бу кинигэтигэр репрессия сиэртибэтэ буолбут саха утуе дьонун – абадата, Дьокуускайдаады пединститут (1934 с.) бастакы директора И.П.Жегусов I, ону тэнз суруйааччы Ф.Г.Винокуров – Даадар туЬунан суруйуулара, бэйэтэ ер сылларга хомуйбут саха норуотун ес хоИоонноро туспа салаанан киирдилэр. Кинигэ 1920-1930 сс. кэрдиис кэмнэрин, тереебут тылы сэггээрээч- чилэргэ, учууталларга, киэн аадааччыларта ананар.

1 thought on “Ыра санаа кынаттаах (Ф.Г. Винокуров-Даадар төрөөбүтэ 110 сыла)

Обсуждение закрыто.