1 478 просмотров

«Үлэбэр ситиһиим, тус олохпуттан быдан ордук»

      Комментарии к записи «Үлэбэр ситиһиим, тус олохпуттан быдан ордук» отключены

Сэтинньи 8 күнүгэр «Үлэбэр ситиһиим, тус олохпуттан быдан ордук» литературнай тэрээһиммит 1970 – 1980 сыллар СӨ Национальнай библэтиэкэтин учуонай сэкирэтээрэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруналыыстыка салаатыгар, П.А. Ойуунускай аатынан  судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, «ССРС бэчээтин» уонна  «СӨ бэчээтин туйгуна» Дмитрий Васильевич Кустуров 90 сааһыгар ананна.

1 олук.

Кустуров Д.В. олоҕун уонна Саха сиригэр суруналыыстыка сайдыытыгар үтүөлэрэ саамай үрдүкү сыанабылы ылбыттарын туьунан кылгастык билиьиннэрдэ Вячеслав Анатольевич Штыров аатынан киэн хайысхаллаах гимназия социальнай педагога Наталья  Романовна Оконешникова.

2 олук.

«Сержант без промаха» кинигэ туһунан бэрт интэриҺинэй билиһиннэриини Вячеслав Анатольевич Штыров аатынан киэӊ хайысхаллаах гимназия историяҕа учуутала Александр Александрович Николаев оӊордо.

3 олук:

         Дмитрий Васильевич Саха сирин маҥнайгы Президенин Михаил Ефимович Николаев туһунан суруйбут кинигэлэрин ис хоhооннорун арыйан кэпсээтэ оройуоннаа5ы киин библэтиэкэ кылаабынай библэтиэкэрэ Римма Захаровна Захарова.

4 олук:

Саха сиригэр репрессия хайдах барбытын, онуоха кимнээх сиэртибэ буолбуттарын, репрессия дьон-сэргэ, норуот олоҕор хайдахтаах ыар бэлиэни хаалларбытын, өй-санаа кэхтиитигэр тиэрдэр өрүттэрин туһунан Российскай Федерация Суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, Томпо оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Николай Николаевич Уйгуровкэпсиирин ааҕар саалаҕа киҺи барыта харааста иҺиттэ.

Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр курдук улуу киһи үөскээн-төрөөн ааспытыттан киэн тутта, кини албаннаах үтүѳ, сырдык  аатыгар  сүгүрүйэ туран В.А. Штыров аатынан киэн хайысхалаах гимназия история5а учуутала Николай Егорович Саввин кэпсээтэ.

5 олук:

«Өйдөбүнньүк» кинигэ туhунан билиhиннэриини оӊордо киин библэтиэкэ библэтиэкэрэ Елена Васильевна Колесова.

6 олук:

«Отстоял свою честь» (“Олоҕум бэлиэ түгэннэрэ”), “П.А. Ойуунускай тиhэх куннэрэ” кинигэлэр туһунан бэйэтин көрүүлэрин кытта билиһиннэрдэ Томпо оройуонун үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Елена Кимовна Винокурова.

Бу курдук бэрт истиӊ кэпсэтии, Дмитрий Васильевич Кустуров тѳрѳѳбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Үлэбэр ситиһиим, тус олохпуттан быдан ордук» диэн литературнай тэрээьиӊӊэ буолан ааста. Тэрээһини ыытыыга, көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка  кыттыыны ылбыт  Н.Н. Уйгуровка, сүбэ-ама биэрбит Е.К. Винокуроваҕа, А.А. Николаевка, Н.Е. Саввиӊӊа уонна Н.Р. Оконешниковаҕа киин библэтиэкэ аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит уонна үлэлэригэр-хамнастарыгар үрдүктэн-үрдүк ситиҺиини, туйгун доруобуйаны баҕарабыт.

Онтон, 90 сааһын туолбут ытык-мааны биир дойдулаахпытыгар, Дмитрий Васильевичка ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ тылларын аныыбыт. Баҕарабыт киниэхэ чочуллубут алмаас таас курдук кытаанах доруобуйаны, чулуу айымньылара, сытыы ыстатыйалара  ааҕааччыларын куруук үөрдэ-көтүтэ турдуннар!