859 просмотров

«Дьиктилээх хонуу»

      Комментарии к записи «Дьиктилээх хонуу» отключены

Тохсунньу 13 күнүгэр,Эргэ саҥа дьылы көрсө, элбэх киһи телевизорынан сөбүлээн көрөр “Поле чудес” оонньуута Үөгэн култууратын дьиэтигэр ыытылынна, 9 киһи кыттыыны ылла. Оонньууну библиотекарь Татьяна Николаевна ыытта. Бастакы оонньооччуларга кыайыылаах саамай аҕа саастаах кыттааччыбыт Агафия Захаровна таҕыста, иккис оонньооччуларга Июлия Петровна, үһүс оонньооччуларга Антонина Павловна. Финалга үс кыайыылаах тыҥааһыннаах киирсиилэригэр кыайыылааҕынан Антонина Павловна таҕыста уонна супер оонньууга кыттан үс тылы барытын таайан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Кыайыылаах оонньообут очкотунан таблоттан 5 приз талла, маны таһынан супер приз барабаантан талан элбэх илии тутуурдаах барда.
Оонньуу кэмигэр үс буукубаны субуруччу таайан шкатулкаттан 3 киһи харчы ылла, биир кыттааччы призка түбэһэн приз ылла.
Хас биирдии оонньооччуга бэлэх туттарылынна. Призтары туруорда Үөгэн култууратын дьиэтин директора Кривошапкина Елена Петровна.