1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу докумуон Саха сирин Россия Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан бигэргэппитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута.
Бу күн биһиги олохтоох библиотекабытыгар билиини тургутар, өй оонньуута ыытылынна. Оонньууга саха өһүн хоһоонун, саха сирин улуустарын дьаралыгын уонна сахалыы омонимнары хартыынанан сиэттэрэн таайыы, тылбаас, чайнворд курдук түһүмэхтэр киирдилэр.
6 түһүмэхтэн турар тургутугу 2 хааманда көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүккэ “Күн” хамаандата кыайыылаах таҕыста.
«Үөгэн библиотекатыгар өй оонньуута».
Комментарии к записи «Үөгэн библиотекатыгар өй оонньуута». отключены