1 570 просмотров

1 түhүмэх”Сайылыкпын хоhуйабын” (Сайылык Хотун 2021)

      Комментарии к записи 1 түhүмэх”Сайылыкпын хоhуйабын” (Сайылык Хотун 2021) отключены

Ыам ыйын 22 кунэ- Сайылык күнэ (22 мая в Якутии отмечается День Сайылыка. Это молодой праздник, учрежденный главой республики Айсеном Николаевым 6 ноября 2018 года. Предпосылками его учреждения стали сохранение национальных традиций и повышение престижа работников сельского хозяйства) 

САЙЫЛЫК

Санаабар бу илэ көһүннэ
Сайылык, алтан от сыһыылар,
Үчүгэээй- үчүгэй күн үүннэ,
Үүт-тураан, үүт тураан халлааммар.

Тумулга сайылык фермата,
Түптэ куөх буруота унаарар,
Кыталык-кыталык кыргыттар,
Кыргыттар лыах буолан дайаллар.

Санаабар биир ырыа дьиэрэйэр –
Сайылык аныгы ырыата:
Нап-намыын, нап-нарын үлүгэр
Намчытык тайаарар дорҕооттор.

Барыта киэҥ, холку ол онно,
Барыта уйаҕас, сайаҕас.
Ичигиис-ичигэс ол онно,
Салгынныын сымнаҕыыс-сымнаҕас.

Ылаарда мин дууһам, дьоллонно,
Ыллыыбын мичээрдээх ырыабын,
Амарыых-амарах дьоннордоох
Ахтыылаах кыраайбын санааммын