1 741 просмотров

“ӨРКӨН ӨЙ” САХА АССР 100 СЫЛЫН ТҮМҮКТҮҮ

      Комментарии к записи “ӨРКӨН ӨЙ” САХА АССР 100 СЫЛЫН ТҮМҮКТҮҮ отключены

Ахсынньы 23 күнүгэр Үөгэн библиотекатыгар Саха АССР 100 сылын түмүктүүр, өй оонньуута буолан ааста. Бу Саха НКИК канаалыгар хас бээтинсэ ахсын буолар “Өркөн өй” оонньуу буолар. Өй оонньуутугар кыттыыны ыллылар: ” Ийэҕэ албан аат” уонна ” Ийэ мэтээлэ” аат хаһаайката Гоголева Агафия Захаровна күтүөтүн Степанов Аркадий Прокопьевичтыын. Үөгэммит биир тутаах дьиэ кэргэнэ Екатерина Иннокентьевна,Семен Егорович Матаркиннар уонна элбэх оҕолоох күн күбэй ийэлэрбит Бурцева Варвара Афанасьевна Павлова Июля Петровналыын.
Бу оонньууга 5 чэпчэки, 5 орто уонна 5 ыарахан
Саха сиригэр сыһыаннаах араас 15 ыйытыыга сөптөөх эппиэти биэрэн 3 хамаанда бары кыайыылаах тахсан кыһыл көмүс мэтээлинэн уонна сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
Бу оонньуу сахабыт сирин историятын туһунан элбэх саҥа билиини, арыйыыны оонньооччуларга хаалларда диэн эрэнэбит.