Олуннньу 11 күнүгэр Үөгэҥҥэ ийэ тыл, сурук- бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Үөрүүлээх күнү Саха ыала хоһоонунан арыйда библиотекабыт биир тутаах көмөлөһөөччүтэ, хоһоонньута Екатерина Васильевна Кобельянова. Кэлбит ыалдьыттар араас сахалыы остуол оонньууларыгар холонон көрдүлэр, ол кэннэ хамаандаҕа арахсан 7 түһүмэхтэн турар, сурук-бичик күнүгэр аналлаах өй оонньуутугар күрэхтэстилэр. Тылбаас, хартыынан өс хоһоонун таайыы, тылтан тыл таһаарыы курдук, түһүмэхтэри ааһан саха тыла баайын, мындырын сөхтүлэр. Түмүккэ ” Айар” хамаанда кыайыылаах таҕыста. Оонньуу кэннэ оһуохайдаатыбыт. Оһуохайы Үөгэннээҕи култуура киинин уус -уран салайааччыта Максимова Эльвира Робертовна таһаарда. Түмүккэ сахалыы толору астаах сандалы остуол тула олорон сылаас үүттээх чэй истибит. Ийэ тылбытын өрө тутан, сайыннарыахха, сырдатыахха.
«Үөгэҥҥэ ийэ -тыл, сурук-бичик күнэ»
Комментарии к записи «Үөгэҥҥэ ийэ -тыл, сурук-бичик күнэ» отключены