1 490 просмотров

Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

      Комментарии к записи Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ отключены

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сылтан олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
1892 сыл олунньу 13 күнүгэр — саха норуотун сайдар кэскилин түстүүр чаҕылхай киһи күн сирин көрбүтэ. Бу – Семен Андреевич Новгородов. Кини — сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уһулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи буолар. Ону таһынан, Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт киһи буолар. 
Бүгүн киин библиотекаҕа “Таптыыр сахам тылынан …” тыл оонньуута буолла. Үстүү киһилээх биэс хамаанда кыттыыны ылла. Түмүккэ “Алдан” (учууталлар) хамаанда бастакы, “Илдьит” (редакция) хамаанда иккис, “Дохсун” (ГГТ) үһүс миэстэ буоллулар. Кыайбыт “Алдан” хамаандаҕа “Томпо илдьитэ” хаһыат электроннай сурутуутун бэлэх туттарда.