Саха литературатын төрүттээбит классик суруйааччылартан биирдэстэрэ, уhулуччулаах суруйааччы, театры төрүттээччи, бастакы сахалыы хаhыаттары, сурунааллары тэрийсибит, маҥнайгы журналист, тылбаасчыт, критик, бөлүhүөк – А.И. Софронов – Алампа туhунан Егор Петрович суруйбут икки томнаах «Алампа» кинигэтин устун литературнай, тургутук оонньуу «Алампаҕа айан» кулун тутар 14 күнүгэр буолан ааста.
«Алампаҕа айан» оонньууга кыттыыны ыллылыар «Алгыс» бэтэрээннэр, «Эдэр гвардия» эдэр ыччат түсүү, «Уолаттар» эдэр аҕалар хамаандалара.
Оонньуу барыта 5 түhүмэхтэн турар:
Алампа оҕолоро, айар үлэтэ:
– «Алампа уонна театр»,
– «Алампа оҕолоро»,
– «Алампа уонна поэзия».
- «Сыл-хонук» (суруйааччы олоҕун, айар үлэтигэр хронологиятын ыйытыкка хоруйдааhын).
- «Блиц ыйытыктар» (суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр сыhыаннаах тэттик ыйытыктар) бириэмэҕэ.
- «Хаартыска уонна Алампа» бэриллибит сорудаҕы толоруу.
- #ЕгорНеймоховайымньытынааҕыы – сетевой акция.
Биэс түhүмэх түмүгүнэн кыайыыны ыллылар «Алгыс» бэтэрээннэр хамаандалара.