“Савва Прокопьевич диэн – ол Үөгэн Күбээдийэ алааһыттан үөскээн-төрөөн тахсыбыт самородок, ученай, тылбаасчыт, энциклопедияҕа киирбит үтүөлээх учуутал, Ойуунускайы, Аммосовы, республика биллиилээх дьоннорун кытта бииргэ үлэлээбит киһи”.
Александрова М.Е.
Эн Бэс Дьарааһын “Балагыай” диэн кэпсээнин аахпытыҥ дуо? Онно сүрүн уобарас прототибынан эдэркээн Сааба учуутал, ол эбэтэр, Савва Прокопьевич Харитонов буолар.
Айымньыга суруллубутун курдук, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар нэһилиэк олоҕун сайдыытыгар күнүстэри-түүннэри үлэлээбитэ. Дьону үөрэхтээһиҥҥэ, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга, тутууга үгүс сыратын уурбута. Кириэс Халдьаайыга саҥа оскуоланы туттаран, Алдан эҥэринээҕи – Ыҥаа, Саһыл, Мэҥэ Алдан, Үөгэн, Эһэ нэһилиэктэрин оҕолорун үөрэттэрбитэ, интернат астарбыта.
Савва Прокопьевич олоҕун 16 сылын учуутал идэтигэр анаан, Кириэс Халдьаайыга, Орто Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө, Ньурбаҕа, Аммаҕа элбэх ыччаты үөрэппит-ииппит, кэрэҕэ уһуйбут, сырдыкка сирдээбит, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.
Маны таһынан, кини Москваҕа “Правда” аатынан журналистика институтун бүтэрбитэ, “Кыым” хаһыат редакторынан үлэлээбитэ. Талааннаах тылбаасыт быһыытынан биллибитэ: М.Е. Салтыков – Щедрин, А.П. Чехов айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Савва Прокопьевич саха оскуолаларыгар анаан суруйбут нуучча тылын учебнигынан хас да көлүөнэ оҕолор үөрэммиттэрэ. П.А.Ойуунускай “Русско-якутский термино-орфографический словарь” диэн бөдөҥ научнай үлэтин суруйарыгар кыттыспыта эмиэ биллэр. Россия биллиилээх геолога, учуонайа, профессор С.В.Обручев Черскэй арҕаһын арыйар аан дойду билинэр сүдү түмүктээх экспедициятыгар көмөлөспүт өҥөлөөх. Геолог “В неведомых горах Якутии” диэн кинигэтигэр Савва Прокопьевич аатын ааттаан, хаартыскатын таһааран туран махтанан истиҥ тылларынан суруйбут.
Эн дириҥ чүөмпэ, улахан личность Сааба учуутал туһунан билиэххин баҕарар буоллаххына, холобур, маннык кинигэлэри ааҕыаххын сөп:
- Бястинов Г.Д. – Бэс Дьарааһын “Балагыай” кэпсээнэ (1935 с.)
- Обручев С.В. В неведомых горах Якутии : открытие хребта Черского – Ленинград, 1928.
Харитонов И.В. Учуутал Харитоновтар. – Томпо, 2008.