1 576 просмотров

II түhүмэх “Ала Мылахсын Хотун” (Моя кормилица- красавица) (Сайылык Хотун 2021)

      Комментарии к записи II түhүмэх “Ала Мылахсын Хотун” (Моя кормилица- красавица) (Сайылык Хотун 2021) отключены
Варламова Дария Романовна (Томпо, Мэӊэ-Алдан)
Тапталлаах  ийэлээх аӄабытыттан удьуор гына илдьэ сылдьар  мааны ынахпыт, сүрүн баайбыт «Кыыстара» сааhа 11, үрүҥ үүтэ-арыыта сүрүн аhылыкпыт, сыл аайы төрөөн төрүөх биэрэн үөрүүбүтүн үксэтэр.

Иванова Кэскилээнэ Александровна (Таатта , Тыараhа)

Мин мааны ынаҕым аата Кэрэчээнэ. Сааһа 8. Олус сымнаҕас майгылаах, саамай элбэх үүттээх мааны да мааны ынаҕым. Саха ыала, эбиитин элбэх оҕолоох ыал билиҥҥи чэпчэкитэ суох олоххо сүөһү ииттэн олордоҕуна эрэ табыллар. Оҕолорум бары хотонно сылдьыһаллар, ынах ыыллар.
Сүөһү биэрэр аһынан үөлүнэн аһаан сиэн олоробут. Сүөһүтэ суох олохпут айгырыыр кыахтаах, онон төһө кыалларынан сүөһүнү хото иитэ харайа сатыахтаахпыт. Ынах сүөһү  өбүгэлэрбит төрүт дьарыктара буолар.

 

Махарова Екатерина Васильевна (Кэбээйи, Лүксүгүн)

Билиҥҥи рынок үйэтигэр биһиги улахан дьиэ кэргэн кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Кэтэхпэр ынах сүөһү тутабын.

Ынаҕым аата кытта кэрэ:Роза диибит.Бу ынахпын олус таптыыбын .Олус сымнаҕас,мааны майгылаах.

Барахсаным биэдэрэнэн үүтү биэрэр,үүтэ хойуута оһуобай,эмиийэ сымнаҕаһа.Өргө диэри ыатаахтыыр,биһи ыалы абырыыр.

Тугу саҥарарбын барытын өйдүүр,кэпсэппэт эрэ.

Сааһа 15,кырдьан эрээхтиир.Өссө да өргө диэри миигин үөрдэ сылдьара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

 

Ноговицына Сардана Васильевна, Кэбээйи, Чагда

Ынаҕым аата Ыhыах, 5 саастаах.

Кини Ыhыах кун төрөөбутэ, оҕом сымнаҕас, ыамы көтуппэт. Оҕомсох. Сайылыкка барарын күүтэр да күүтэр.

 

Осипова Валентина Захаровна (Үөhээ Бүлүү, Далыр)

Хаарчаана – бастыҥ кырасаабысса

Быйыл саас 11 ынах төрөөбүтүттэн саамай кыраһыабай, үөр сүөһү иннигэр кынталдьыйа хаамар, киэһэтин ыамҥа үөрүн батыһыннаран кэлэр биир бас – көс ынахпыт Хаарчаана.

Сааһа алтата, үстэ төрөөтө улахан оҕото, Куобахчаан бэлиэр быйыл тыһаҕас эрээри төрөөтө. Икки кырата оҕустар. Дюар уонна быйылгы Кудараас диэн ааттаахтар. Хаарчаана ийэм дьонун төрүт саха боруодата Маҕантык диэн ынахтан төрүттээх. 

70- с сылларга боруода оҕустары аҕалыы хааны тупсаран билиҥҥи ынахтар бөдөҥнөр, үрдүктэр.

Хаарчаана күҥҥэ 10-н тахса киилэ сүрдээх хойуу үүтү ыатар. Эмиийдэрэ сымнаҕастар, уһуннар киһи хайдах баҕарар тутан ыыр. 

Ньирэй сылдьыаҕыттан олус ачаа, хотоҥҥо да, таска да көрсөн “Хаарчаана, сыллаһыахха,”- диэтэххэ муннун тоһуйбутунан кэлэр. Хойуу үүттээх буолан оҕолоро төрөлкөйдөр. Дьэ, ити курдук биир тумус туттар, олус кыраһыабай, өйдөөх, иччимсэх, үттээх ынахпыт Хаарчаана барахсан.

 

Павлова Оксана Филипповна (Мэӊэ-Хаӊалас, Дьанхаады)

Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сүгүрүйэн, сиэри-туому тутуһан, сахалыы куппутун-итэҕэлбитин, айылҕаны кытта сибээстээхпитин бу баччааҥҥа дылы илдьэ кэллибит.

 “Айыы оҕото аһыныгас”  этии баар, мин  бу ынаҕым төрүүрүгэр икки хараҕа көрбөт буолан күн сиригэр төрөөбүтэ.  Ону тутатына сүөһү буолуо суоҕа диэннэр дьылҕатын быһаараары гыммыттарыгар  аһынан хааллаттарбытым. 17сыл тухарыынах-сүөһүоҥостон кэлбиппиттэн олуһун да кэмсиммэппин. Сахабыт сирин киэҥ туттар маанылаах сибэккитин аатынан “Сардаана” диэн ааттаабытым.

Билигин Сардаанам биир хараҕа олох көрбөт, онтон биирэ син сырдатар. Ынаҕым барахсан үүтэ элбэҕэ, киһини эрэ үөрдэр. Сыл аайы төрүөҕэ үчүгэй. Сардаанам сымнаҕас буолан атын ынахтарбынааҕар быдан чугас курдук. Быйыл сандал сааспыт кэлиитэ, тыһы ньирэйи төрөөн, сүөһү төрдүн биэрэн үөрүүбүт үгүс.

Сардаанабын олус күүскэ таптыыбын!!!

 

Прудецкая Светлана Александровна (Уус-Алдан, Тумул)

Мааныкайбын таптыыбын

Былыр былыргыттан саха дьоно  өбүгэ саҕаттанхороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи тутан, удьуору ууһатан тэнитэн, күн бүгүҥҥүгэ диэри кэллэҕэ.Ынах суөһуну үрдүктүк тутан,үҥэр таҥара оҥостон сүгүрүйэр махтанар. Мааныкайбыт эбэтин «Мааны кыыс” диэн ынаҕы дьоммут ыал буолбуппутугар, сүөһү төрдө буоллун диэн, биһиэхэ анаан бэлэхтээбиттэрэ.Билигин Мааныкайбыт оҕолоро, сиэннэрэ кини төрдүн –ууһунсалҕыыллар.Ынаҕым Мааныкай сытыары-сымнаҕас холку майгылаах,элбэх  хойуу  үүттээх, алаастан мэччийэн иһэрин биллэрэн ыраахтан маҥыраан кэлээччи,сүрдээх өйдөөх,наһаа оҕомсох, сыл аайы тыһы ньирэйдэри төрөтөн бэлэхтиир.Мааныкайбыт баар буолан үрүҥ илгэни үрүлүтэбит, эмис эти дэлэтэбит. Бэйэбит ынах сүөһүлээх буоламмыт оҕолорбутун, сиэннэрбитин,аймах-билэ дьоннорбутун үрүҥ аһынан, эмис этинэн тото-хана аһатабыт.

Тыа дьахтара ынаҕа суох табыллыбат, айылҕабыт быьыытынан төрөтөр оҕобутун төлкөлүүбүт, иитэр сүөһүбүтүн күрүөлүүбүт.Мааныкайбыт төрөөтөҕүнэ “Аал уоппутун” арчылыыбыт, үтүөну түстүүбүт, алгыс сиэринэн “Наадьы Дьаҥха” хотунтан көрдөһөн ынах сүөһүбүт үүтэ үксээтин, төрүөҕэ  үөрдээтин диэн   айах тутабыт сүгүрүйэбит!Өбүгэлэрбит ынах сүөһүлээх буолан чэгиэн доруобуйалаах, чөл доруобай олоҕу олорон уһун үйэлээх этилэр.Ынах сүөһү иитиитэ туһалааҕын , үүнэр кэнчээри ыччат кыра сааһыттан билэ-көрө үөрэниэхтээх.Саха ыалыгар ынах сүөһү иитиитэ кэнэҕэски ыччат үүнэригэр, сайдарыгар сүрүн оруоллаах.Үрүҥ аспыт барыта бэйэбититтэн буолуохтаах, “Ынах-Саха төрдө” буоларын кэнчээри ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ, эдэр дьиэ кэргэттэргэ өйдөтүөх, сүбэлиэх тустаахпыт.

 

Семёнова Розалия Андреевна (Бүлүү, Өкүндү)

Арай биирдэ, биир кыракый Сайылыкка куоталаһыы буолбут.

Кимнээххэ? Ханна? Хаһан диир буоллахытына…

Биир ыаллар,уон биэс ыана сылдьар ынахтара, бэйэлэрин истэригэр «Хотууна 2021»ааты былдьаспыттар.

Кэрэлэртэн кэрэлэрэ, элбэх үүттээхтэрэ, кэлигэстэрэ, оҕумсахтара, сымнаҕастара, өйдөөхтөрө – Маҥаачыйа диэн ааттаах, 7 сааһыгар сылдьар эдэркээн ынах «Хотууна 2021» аат ыылыаҕынан ылла.

Кыратык билиһиннэрдэххэ-Маҥаачыйа ынахпыт эдьиийбиттэн Дууньаттан ньирэйигэр алгыстанан бэлэхтэммитэ. Номнуо ынах буолан- сыл аайы төрүөх,э лбэхүүт, хойуу сүөгэй биэрэ сылдьар маанылаах ынаҕым.

ЫтысүөһэсылдьарминкэрэчээнМаҥаачыйам,

Инникитин элбэх төрүөҕү, дэлэгэй үүтү, сүөгэйи үксэтэ тур диэн алгыыбын!

 

Сидорова Марина Степановна (Чурапчы, Мындаҕаайы)

Мин ынаҕым аата Туллук диэн, кини олус туруору сымнаҕас майгылаах…

Былыр – былыргыттан саха омуга сүөhү итиитинэн дьарыктанар омук буолабыт. Ол курдук былыр дэриэбинэ ахсын хас биирдии ыалга ынах-сүөhү уиитэллэрэ.

Билиӊӊи үйэҕэ бу айылаах сайды кэмигэр ынах көрүүтэ уруккуу кэмнээҕэр чэпчээбитин кэннэ, аӊардас сүрэҕэ суох быhыттан сүөhүттэн аккастанар саха ыала элбээтэ.

Этиэм этэ эдэр ыччакка туоhаайан ынаҕы сүөhүнү үлэттэн толлубакка ииттин диэн.

Биhи саха омуга буолар быhыытынан аспыт барыта эт, үрүн ас буолар. Атын дойдулар астарын аhыыр кутталламмыт.

Сүөhүнү өссө күүскэ элбэтэн бэйэбит эппитин, аспытын сиир тоҕо сатамматый?

Үлэни эрэ өрө туттахпытына, ынах-сүөhү эрэ үллүөхтэрэ, онтон сиэттэрэн саха омук киэбинэн сайдар суола салҕаныахтааҕа.

 

Сидорова Надежда Васильевна (Абый, Кэбэргэнэ)

Маанылаах ынаҕым Туллукчааным

Бу саамай таптыыр ынаҕым Туллукчаан буолар. Кини 15 саастаах, хоп-хойуу, элбэх үүттээх. Майгытынан да сытыары-сымнаҕас, ханна олоро түстүҥ да ыабытынан бараҕын.Туллукчааным сылын аайы доп-доруобай ньирэйдэри төрөтөн үөрдэр.Туллукчаан төрөөтөҕүнэ үгэспит быһыытынан уоһах алаадьытын буһаран чугас дьоммун күндүлүүбүн.Туллукчаан удьуора быстыбакка өссө да өр сылларга салҕанан барыа диэн бигэ эрэллээхпин.

Трофимова Матрёна Кэнчеровна (Чурапы, Сылан)

“Аан Ийэ дойду модьоҕо төрдүгэр төрүттээн, ураты сымнаҕас майгылаан, сүмэһиннээх сүөгэй үүттээн, минньигэс эттээн-хааннаан айбыт үтүөкэннээх харамайдарыттан саамай чулуулара ынах барахсан буоллаҕа эбээт!”  – бу  саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат үтүөкэннээх тылларынан саҕаламмыт “Ынах барахсан” диэн кэпсээнигэр сурулларыныы Хотуунам” барахсан сымнаҕас бөҕө, көрүҥнүүн ураты, адаархай муостара саамай киэргэтэрэ, дьоһуннаах мааны ынах буоларын туоһута.    Муоспут тулатын сибэккинэн симээн киэргэттибит. Саха ыалын ынаҕа  ыаҕыйаннан мааныланар, улахан дуоспуруннаах, үөрүн илдьэ кэлэр ынах буолан чуораанчыга ыраахтан лыҥкынаан иһэллэрин биллэрэр.  

Бу курдук киэргэтэн, маанылаан имэрийэн-томоруйан киһилии кэпсэтэн ынахпытын таптаан, Мылахсын Хотуҥҥа сүгүрүйэрбитин биллэрэ сылдьабыт. Үрүҥ аһы доруобуйаҕа туһалааҕын өбүгэлэрбит билэн туһаналлара. Өбүгэттэн кэлбит ситиммит айыыларга сүгүрүйүү олохпутугар силис-мутук тардынан тэнийэ турдун!

Трофимова Матрена Кэнчеровна.

Чурапчы, Сылаҥ “Куолас” бааһынай хаһаайыстыба, “Дьүлэй” сайылык .

 

Эверстова Наталья Николаевна (Кэбээйи, Чагда)

Саха сааһын тухары тыыннаах хаалар туһугар хороҕор муостааҕы хоннорон, туора муостааҕы тутан, мындыр толкуйунан, баараҕай сатабылынан, аҕыс иилээх саҕалаах, атааннаах мөҥүөннээх, бук тыйыс айылҕалаах сахабыт сиригэр баччааҥҥа диэри тыыннаах тиийэн кэллэҕэ!

        Сымалаах алааһын маанылааҕа, кыталыктаах хонуу хотуулааҕа, Халбайар оторун ордуга, Үс күөл кыстыгын кыттыгаһа, Бэскэлдьийэ ынаҕым, бастыҥ мааны биэбэйим, алтан чуораан куоласпынан аргыый сыыйа ыллыырбын, уран тылбын киллэртээн, сүүмэрдээн ылбаҕайдык хоһуйарбын, хойуу уһун кыламаннаргынан тырып-тырып симириҥнэтэн, арылыйа харахтаргынан кылап-кылап көрбөхтүү, ыанньыйаахтаабыт синньититтэн хойуу чөчөгөйдөөх үүккүнэн күндүлүү таарыйа, чэрэгэркээн кулгаахтаргынан сэргии-истэ тураахтыый!

Бэскэлдьийэ биэбэйим.

Сарсыардааҥҥы саһарҕа

Сандаарыйа тыгыыта,

Алааһым уҥуоруттан

Маҥырыыр саҥаттан уһуктабын.

Бастаан утаа ыарыыбын,

Утуйа түһүөхпүн саныыбын,

Үүтүн, аһын санааммын,

Титиикпэр ыксыыбын.

Хотоннооҕум хотуна,

Бэскэлдьийэ биэбэйим

Ньирэйигэр тиэтэйэр,

Ыата охсоору ыксаахтыыр,

Үөмэн-чүөмэн үктэнэн,

Кутуругунан сапсынан,

Турар сирин булаахтыыр,

Минньигэс ас эрэйээхтиир.

Көөнньөрбөбүн бэлэмнээбитим,

Саар ыаҕаспын сууйбутум.

Доҕоччугуом, кэлэн тур,

Сылаанньый, көнньүөр биэбэйиэм,

Чурулата үүккүн ыаҕым,

Ньирэйчээҥҥин даҕаны аһатыаҕым.

Үүккүттэн сүөгэйин арааран,,

Арыы-сыа алларытыаҕым

Суораттаан, күөрчэхтээн,

Дьэдьэн, отон тумалаан,

Оҕолорбун аһатыам,

Ыалдьыттарбын күндүлүөм.

Оо, доҕоттоор,  ынахпыт

Баарбыт тухары барҕардын,

Олох дьолун тутарга,

Уруйдана туругурдун!