Атырдьах ыйын 15 күнүгэр “Иэйии”айар эйгэ түмсүүтэ 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Иэйии» айар эйгэ түмсүүтэ 2014 сыллаахтан оройуоннааҕы библиотека иhинэн арыллан үлэлиир. 10 сыл биир санаанан салайтаран, көхтөөхтүк тигинэччи үлэлээн кэллэ. Түмсүү бэрт былааннаахтык үлэлиир, халандаар кыhыл күннэринэн, суруйааччылар үбүлүѳйдэринэн араас таhымнаах тэрээhиннэри, күрэхтэри тэрийэн ыытабыт. Хоhоон айыынан эрэ муҥурдаммакка, нэһилиэккэ, оройуоӊӊа, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттабыт. Ону таһынан иллэӊ бириэмэбитигэр кыраайы үөрэтэн дойдубут чугас оройуоннарын түмэллэригэр, кэрэ миэстэлэринэн дьыл араас кэмигэр сылдьарбытын, сынньанарбытын сѳбүлүүбүт.
Ыыппыт тэрээhиннэрбит, күрэхтэрбит туhунан «Томпо илдьитэ» хаhыакка тиhигин быспакка ыстатыйалар тахсаллар.
Олохтоох ааптардар араас идэлээх дьон, ол курдук:
Винокурова Елена Кимовна «Иэйии» айар эйгэ түмсүү литературнай консультана, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Елена Кимовна «Аргыс санааларым», “Сырдаабыт кыргыттара сэһэргииллэр», «Махтанабыт, ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит», «Силэпсиэп биэлсэр», «Үөрэх эйгэтигэр айар үлэ ситимэ» диэн кинигэлэрдээх.
Мексярова Клавдия Алексеевна – Клавдия Оросунская геолог идэлээх, Горно-геологическай техникумҥа музей директорынан үлэлиир. Клавдия Алексеевна икки халыӊ кинигэлэри хомуйан таhаартарда: “Аллах – Юньская геологоразведочная экспедиция”, “Олохпут кэрэкэ кэмнэрэ” уонна «Вечная жизнь» быраатыгар анаан ахтыы хомуурунньуга.
Александра Семеновна Стручкова – Сулустаана – иистэнньэӊ идэлээх. Саамай сѳбүлээн суруйар темата – таптал. Суруйан холонуута 2004 сыллаахтан саҕаламмыта. «Сулустаах иэйии таптала» уонна «Мин кынаттаах ымыыларым» диэн тус бэйэтин хоһоонноро хомуурунньук буолан уонна «Сахалыы тыынынан» ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи түмсүү хомуурунньуктарыгар тахсыбыттара. Хас да хоhооно ырыа буолбуттара.
Кугданова – Егорова Елена Васильевна – Дьэлиэнэ ырыаhыт быhыытынан Саха эстрадатыгар аан маннай Псалом ырыаны сценаҕа таhаарбыта. Дьэлиэнэ хоһоонноро 1998 сылтан оройуон хаһыаттарыгар бэчээттэнэр. Елена Васильевна бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх айар куттаах ааптар буолар. Нууччалыы, сахалыы тылынан суруллубут кинигэлэрдээх. Саха республикатын култууратын туйгуна.
Степан Андреевич Никифоров – Алаас Уола рентген-лаборант, фельдшер. Алаас Уола буолбут түбэлтэлэри, биллиилээх дьоннор тустарынан уустаан – ураннаан суруйар, уус-уран иэйиилээх тыллаах. «Томпо илдьитэ» оройуоннааҕы хаhыат общественнай корресподена.
Афонин Анатолий Петрович – страховой агент, налоговай полиция оперативнай үлэһитэ. 2001 сылтан доруобуйатын туругунан үлэтиттэн уурайыаҕыттан бочуоттаах сынньалаӊӊа олорон, хоhоон айар дьоҕура арыллыбыта. «Тѳрѳѳбүт дойдум» хоһооннорун хомуурунньуга 2022 сыллаахха күн сирин кѳрбүтэ.
Шарина Екатерина Михайловна – Кээтии юрист идэлээх, бэйэтин санааларын, ханнык баҕарар темаҕа, түгэӊӊэ суруйарын сѳбүлүүр. «Ол түгэн мин дууhабын, санаабын хамсаттаҕына хоhоон строкалара иэйиилээхтик тахсаллар» – диир. Икки хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.
Дьячкова Прасковья Гаврильевна – алын кылаас учуутала, Саха Республикатын үѳрэҕириитин туйгуна, Саха дьахталларын 13-с сьеhин делегата. 1999 сыллаахтан суруйан саҕалаабыта.
Корякина Саргылаана Егоровна – Туойлаана – туойунан оӊоhук оӊорор уус илиилээх, ураты дьарыктаах киhи. Саргылаана Егоровна ѳссѳ хоhоонунан тахсар дьикти, кистэлэӊ иэйиилээх, ханна да, хаhан да буоллар хоhоон суруйар дьарыгын тохтоппот. Хоhоон айааччылары таhынан, иэйиилээхтик уус-ураннык ааҕар дьоммутунан буолаллар Дьокуускай куораттан Попова Марияна Гаврильевна, Хаандыгаттан Стручкова Анна Захаровна, Кузьмина Варвара Лаврентьевна, Владимир Васильев уонна Борисова Лидия Михайловна, ону тэҥэ хомус алыптаах тыаһынан ааҕыылары киэргэтэр.
Үбүлүөй ыҥырыылаах ыалдьытынан Оройуоннааҕы култуура сайдыытын уонна айымньытын киинин начальнига Ирина Михайловна Бодруг, Томпо муниципальнай киин модельнай библиотекатын директорын эбээһинэһин толорооччу Олеся Андреевна Сафьянова, «Томпо илдьитэ» хаһыат редакциятын аатыттан Лена Слепцова тыл эттилэр уонна махтал суруктары, бэлэх туттардылар.
Биэчэрбитигэр сүрүн чааһынан «Иэйии истиҥ алыба» электроннай хомуурунньук сүрэхтэниитэ буолла. Манна хас биирдии түмсүү кыттааччытын ахтыылара уонна айар үлэлэрэ түмүллэн киирдилэр. Хомуурунньугу ааптар Елена Кимовна билиһиннэрдэ. Олохтоох ааптардар бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун, кэттик кэпсээннэрин ааҕан иһитиннэрдилэр. Хомуурунньук бүтүүтүгэр түмсүү уус-уран күрэхтэргэ, араас тэрээһиннэргэ кыттыбыт видеоларын сигэтэ киллэрилиннэ.
Ырыа-тойук аргыстаах «Вдохновение» дьахталлар ансаамбыллара (сал. Елена Кугданова), Саха республикатын култууратын туйгуна Елена Кугданова-Егорова – Дьэлиэнэ, Иванна Сергеева уонна Полина Попова ыллаан сэргэхситтилэр, биэчэрбитин киэргэттилэр.
“Иэйии”айар эйгэ түмсүүтэ манан тохтоон хаалбакка өссө киэҥ далааһыннаах үлэни ыытарга былааннанар. Биһиги кэккэбитин эдэр ыччат, саастаах да дьон хаҥатыахтара диэн эрэллээхпит.
“Иэйии”айар эйгэ түмсүү салайааччыта,
библиотекарь Александра Ефимова